Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри онус сылын ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл онлайн уонна оффлайн былаһааккаларга ыытыллыаҕа. Бу туһунан СӨ урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун уонна ыалдьыттарын элбэх саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр күүтэллэр. Ол курдук, Саха сиригэр бастакытын «The Snow Queen in Yakutia» арт-шоу ыытыллар, «Охота на северное сияние» фото-видеоконкурс буолуоҕа, чөл олоҕу тутуһар Саха сирин «моржтара» устуохтара, «Россия-Мин историям» историческай паарка саха остуоруйаларынан «Кыһыҥҥы остуоруйа» мультимедийнай бырайыагы, маастар-кылаастары, виртуальнай быыстапкалары, хаартыска быыстапкалары бэлэмнээтэ.
Ону тэҥэ «Arctic Fashion Show-2021» өрөспүүбүлүкэ дизайнердарын үлэлэрин көрдөрүү «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар.
Бу сылга бэстибээл чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ киинигэр «Атласовтар уһаайбалара», «Үрдэл» сынньалаҥ пааркатыгар, 202 микрооройуоҥҥа муус оҥоһуктар туруохтара.
Ахсынньы 1 күнүгэр киин куорат сүрүн болуоссаттарыгар Саҥа дьыллааҕы күөх харыйа уоттарын уматыыта буолуоҕа.