Саха сиригэр ааспыт 2017-2018 үөрэх дьылын 387 үөрэнээччи кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээбитэ. Бу оҕолор бары ЕГЭ-лэрин үрдүк баалга туттарбыт буолбатахтар. Интервью ыллахха, үксүлэрэ 50-тан эрэ тахса бааллаах буолааччы.
Аны туран, ханна да тиийдэрбин, оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрэ: “Көмүс мэтээлгэ бараҕын диэбиттэрэ, онно үлэлэһэ сылдьабын”, — диэн толлубакка эрэллээхтик хоруйдааччылар. Мэтээлинэн бүтэрэллэрин олох эрдэттэн билэн сылдьаллара миигин сөхтөрөрө.
Итинник сыһыан үөскээн, кыһыл көмүс мэтээл суолтата кэлиҥҥи сылларга түһэн хаалбыта кистэл буолбатах. Дьэ, ол иһин РФ Рособрнадзорун салайааччыта Сергей Кравцов туруорсуутунан, РФ Үөрэҕин миниистирэ О.Ю. Васильева бирикээһэ таҕыста: аны мантан ыла кыһыл көмүс мэтээли ЕГЭ түмүгүн учуоттаан биэрэргэ диэн.
Оччотугар үөрэнээччи мэтээл ыларыгар аттестата барыта “5” сыана буолуохтаах, государственнай аттестацияны ситиһиилээхтик ааһыахтаах, итиэннэ нуучча тылын, математиканы 70-тан намыһаҕа суох баалга туттарыахтаах.
Дьэ, онон быйыл кыһыл көмүс мэтээлинэн, чахчы, чаҕылхай, чиҥ билиилээх, дэгиттэр, уһулуччу эрэ үөрэнээччилэр бүтэрэллэрэ сабаҕаланар.
А.Иевлева.