Биһиги, В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 10-а кылааһын үөрэнээччилэрэ, хас да сылы быһа бигээн сылдьыбыт баҕа санаабытын толорон, кыһыҥҥы сынньалаҥмытын Уһук Илин эрэгийиэн куораттарыгар атаардыбыт. Бу туурбутун кылаас салайааччыбыт, төрөппүттэрбит көҕүлээһиннэринэн, өйөбүллэринэн «Юта» хампаанньа нөҥүө атыыласпыппыт.
Тохсунньу 4 күнүгэр Аллараа Бэстээх вокзалыттан поеһынан айаммытыгар туруммуппут. Этэҥҥэ үс күн поеһынан айаннаан, Владивосток куораппытыгар тиийбиппит. Поеһынан айанныыр ураты тыыннаах эбит. Оҕолор оонньоон-көрүлээн, кэпсэтэн-сэлэһэн үс күммүт үс чаас курдук ааһан хаалбыта.
Владивосток куоракка икки күн күүлэйдээбиппит. Сорох сорохтор муораны саҥа харахтаан көрбүппүт. «Наһаа да кыраһыабай, ураты айылҕалаах уонна тутуулардаах» диэн оҕолор санааларын үллэстэллэр. Россия биир саамай улахан Океанариумыгар, зоопаркаҕа сылдьыбыппыт.
Владивосток куораттан салгыы Хабаровскай куоракка айаннаатыбыт. Бу куорат былыргы тутууларын сэҥээрэ көрдүбүт. Хабаровскай куорат өрүс үрдүгэр тутуллубут эбит. «Уонна туох интириэһинэйи биллигит? «диир буоллаххытына, 5000 кумааҕы харчыга Хабаровскай муостата ойууламмыт эбит. Куорат устун сылдьан баран, сэргэхсийэ таарыйа, мороженай фабрикатыгар уонна «Фараон» диэн квест оонньууга сылдьыбыппыт.
Хабаровскай кэннэ Циалковскай куоракка туруммуппут. Манна «Восточный» диэн космодром баар эбит. Бу куорат олохтоохторо бары бу космодромҥа үлэлииллэр. Элбэх бэрэбиэркэни ааһан, дьиҥнээх ракета чаастарын, стартовай площадканы уонна мобильнай башняны көрбүппүт.
Сынньалаҥмыт бүтэһик тохтобула — Благовещенскай куорат. Бу куорат билэргит курдук, Кытайы кытта кыраныыссалаһан сытар. Кытай дьэрэкээн уоттара хас биирдии киһини угуйаллар. Благовещенскай куоракка “Амур ТВ” диэн телестудияҕа сылдьыбыппыт. Биэрии ыытарга холонон көрбүппүт.
Кыһыҥҥы сынньалаҥмытын туһалаахтык атаардыбыт. Айаммытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбут учууталбытыгар Надежда Николаевнаҕа, төрөппүттэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит.
Юлияна Степанова, Павловскай орто оскуолатын X кылаас үөрэнээччитэ.