Ахсынньы 3 күнүгэр “Россия — моя история” историческай мусуойга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Дьокуускай куорат 390 сааһыгар аналлаах юнармеецтарга “Кыһыҥҥы бал” буолан ааста.
Дьокуускай куорат араас оскуолаларыттан уопсайа 148 юнармеец кыттыыны ылла. Эллэй Боотур экспозициятын саалатыгар симик уот быыьынан Штраус вальсыгар уйдаран 74 паара эргийэн киирбитэ көрөргө олус кэрэ, алыптаах көстүү этэ. Уолаттар параднай көстүүмнэрин кэтэн көбүс- көнөтүк туттан, кыргыттар кэрэттэн кэрэ былааччыйаларын кэтэн кубалыы устан киирдилэр.
Олохпутугар хаьан да умнуллубат түгэн буолан эрэрин кэрэ музыка туоһулаата. Бу бастакы юнармеецтар балларыгар “Принц уонна Принцесса бала” аатын ким ылара кэлбит дьону барытын долгутта. Куоластааһын түмүгүнэн, “Принцесса бала” үрдүк ааты биһиги бииргэ үөрэнэр кыыспыт Вика Васильева (Дьокуускай к. №3 оскуолатын 8-г кыл.үөрэнээччитэ) ылан үөрүүбүтүн үксэттэ, үрдүккэ кынаттаата. “Принц бала” Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интернат үөрэнээччитэ Пантелеймон Егоров буолла. Кыттыбыт оҕолор бары үөрэ-көтө саҥа дьыллааҕы настарайыанньаланан, Тымныы оҕонньортон минньигэс бэлэх тутан астынан тарҕастылар.
Оҕолорго субэлиэм этэ, Юнармия халыҥ кэккэтигэр кыттыһан Ийэ дойдубут чэчирии сайдарыгар бэлэмнээх дьон буоларга кыһаллыахайыҥ!
Түгэнинэн туһанан, бу кэрэ, алыптаах түгэни бэлэхтээбит тэрийээччилэргэ Дьокуускай к. Үөрэҕириитин начальнигар М.П. Петроваҕа, МБОУ ДО “Детский подростковый центр” директорыгар Н.Н. Петроваҕа, ГБОУ РС(Я) “Якутская кадетская школа” директорыгар А.А. Корякинҥа, “Россия – моя история” музейнай комплекс директорыгар Д.И. Соловьевка, ВВПОД “Юнармия” начальнигар А.Н. Кузьминҥа, “Дом Юнармии” начальнигын солбуйааччы Н.Е. Колмогороваҕа, полиция полковнигар Л.С. Ивановаҕа, кылааспыт салайааччытыгар Е.Е. Дедюкинаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Алла Яковлева, 8-г кылаас, Дьокуускай к. 3 нүөмэрдээх оскуолата.