82 сыл анараа ѳттүгэр 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия Ийэ Дойдубутугар биллэрбэккэ эрэ саба түспүтэ. Бу күн,уоттаах сэриигэ баран тѳрѳѳбүт дойдуларын кѳмүскээбит сэрии толоонугар охтубут саллааттары, сэрии ыарахан сылларыгар дьоллоох оҕо саас диэни билбэккэ улааппыт аҕа саастаах дьоннорбутун ѳйдѳѳн-санаан ааhабыт.
Улууспут сайыңңы лааҕырдарын оҕото барыта Кыайыы скверыгар миитиңңэ сырыттылар. Миитин кыттыылаахтарын «Нам улууhа» Муниципальнай тэриллии баhылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов Аҕа Дойдуну Кѳмүскүүр Улуу сэриигэ аҕа кѳлүѳнэ дьон геройдуу хорсун быhыылара, кинилэр сырдык ааттара үйэттэн үйэҕэ, кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ бэриллэн иhиэхтээҕин бэлиэтээтэ. Улуус ветераннарын Советын председателэ Кобякова Софья Дмитриевна сэрии историятын билиhиннэрэн, хас биирдии оҕо историяны үѳрэтэн, киэң билиилээх, дойдуларын харыстыыр,кѳмүскүүр дьон буолуохтаахтарын бэлиэтээтэ.
Улуус Бочуоттаах гражданина, сэрии кэмин оҕото Готовцев Иннокентий Иннокентьевич бу хаhан даҕаны буолбатах ыарахан сэриини бэлиэтиир ыарахан түгэн барыбытыгар тосхойдо диэн бэлиэтээтэ. Билигин дойду үрдүнэн буола турар кытаанах байыаннай дьайыылары бэлиэтээн оҕолорго тѳрѳѳбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолан тахсалларыгар ыңырда. Ол кэнниттэн этэрээт оҕолоро П.И. Сивцев аатынан историко-этнографическай музейга сырыттылар.Музей специалиhа Федоров Рустам Леонидович улууспут биллиилээх дьоннорун туhунан, улуус сайдыытын, кэрэ айылҕатын, советскай кэми кѳрдѳрѳр-кэпсиир экспонаттары, булт тэриллэрин,тимир уустарын туттар малларын кѳрдѳрѳн сиhилии кэпсээтэ. Ржев куораты босхолоспут биир дойдулаахтарбытын хаартыскаларынан стендэни билиhиннэрдэ. Эбиэт кэнниттэн оҕолор хамсаныылаах оонньуулары оонньоотулар, футболлаатылар, краеведческай лото-викторинага кытыннылар.
Н.И. Семёнова, «Поиск» этэрээт салайааччыта.
«Сайдыс» сайыңңы сынньалаң лааҕыр, Нам улууhа.