Дойду үрдүнэн кутталлаах COVID-19 ыарыы туран, олоххо-дьаһахха уларыйыы бөҕө буолла. Булгуччу мааска кэтэр ирдэбиллээх карантин турбута ыраатта. Ол барыта биhиги кыра Кутана бөһүөлэкпитин эмиэ таарыйда.
Бастаан вахтовик муоста тутааччы 22 киһи ыалдьыбыта. Блокпост туруоран, чугастааҕы сэлиэнньэ дьонун хонтуруоллууллара.
Саастаах дьоҥҥо волонтнердар бородуукта, килиэп ылан илдьэллэр. Уулуссаҕа биир да киһи суох этэ, күүскэ харыстаммыппыт. Хата олохтоохтор эрдэ мааска кэтэн, дьиэҕэ олорон, этэҥҥэлэр. Карантин буолбутунан, үөрэхпитин дистанционнайдык үөрэнэн түмүктээтибит.
Бу ыарыы 65 саастарыттан уонна кыра оҕолорго эрэ кутталлаах дииллэр даҕаны, син биир ыарыы киһини сааhынан талбат. Ким доруобуйата мөлтөх өттүнэн киирэр, ону дьон үксүн билбэккэ сылдьан, баалатан кэбиhэллэр эбит.
Куhaҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, бэйэм дьиэ иһинээҕи дьоммун кытары ордук алтыhар-кэпсэтэр буоллум. Дьиэ үлэтин-хомуйуутун барытын бэйэбит оҥордубут. Өбүгэлэрбит этэллэринэн, мас икки өрүттээх, куhаҕан үчүгэйдээх, үчүгэй куhаҕаннаах диэн, ону биһиги бу хара дьаҥ сабыдыалыгар бэриммэккэ олоххо тардыhыыбытын күүhүрдэн туһалааҕынан дьарыгырдыбыт.
Бу дьаҥ дойдубутугар кэлбитэ киhини олус хомотор уонна куттуур. Сэлиэнньэҕэ ыһыктынан кээспэккэ, өссө күүскэ харыстанар үлэни ыытыахха баара. Ыарыы ааha охсоро, дойдубут олоҕо-дьаһаҕа чөлүгэр түhэ охсоро буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Оҕолоор, мээнэ уулуссаҕа сылдьымаҥ, маасканы кэтэ сылдьыҥ!
Самира Иванова, 10 кылаас. «Кутана кыымнара» пост.
Кутана, Сунтаар.