Олунньу ыйга Сунтаарга Кутана орто оскуолатыгар Ийэ тылга аналлаах декада ааста. Манна оҕо кыра сааһыттан биир дойдулааҕын Алексей Иванов-Күндэ айымньыларын кытта ыкса билсэрин тэрийбиттэрэ хайҕаллаах. Тылы үйэтитэр туһугар Кутанаҕа туох үлэ барар эбитий?
Кутана оскуолатыгар Ийэ тылга аналлаах декада түмүктэннэ. Күндэ ааҕыылара 1-11 кылаастарга барыларыгар ыытылынна. Хоһоону уус-уран ааҕыыга уонна «Аман өс» күрэҕэр 1-10 кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Элгээйи музейа ыыппыт «Аман өс» күрэҕэр биирдиилээн хоһоон ааҕыытыгар Кутана оҕолоро миэстэлэстилэр,
«Аман өс» күрэҕэр кыттыбыт оҕолор эмиэ 1-2 миэстэҕэ тигистилэр.
Саха лингвист- учуонайыгар С. А. Новгородовка аналлаах библиотечнай уруоктар ыытылыннылар. Төрөппүттэргэ Новгородов С.А. алпаабытынан дьыктаан буолла уонна А.А.Иванов-Күндэҕэ анаан «Тыл оонньуута» күрэх элбэх кыттааччыны хапта. Бастаабыттар махтал сурук уонна кинигэ бэлэхтэри туттулар.
Олунньу 13 күнүгэр 5-11 кылаас оҕолоро учууталларыныын Күндэ «Төрөөбүт тыл» диэн хоһоонун Кутана тэрилтэлэригэр, маҕаһыыннарыгар сылдьан дорҕоонноохтук аахтылар (тылынан флешмоб), дьону сэргэхситтилэр.
Түмүгэр оскуола линейкатыгар грамоталар, сертификаттар туттарылыннылар. Элгээйи музейа (ЭРМЭЦ) тэрийбит 1-6 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах тэрээһиҥҥэ: хоһоон ааҕыытыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ Кузьмин Арсен — 1 миэстэ, Минин Алгыстаан — 2 миэстэ, үһүс кылаас үөрэнээччитэ Архипова Виолетта — 3-с миэстэ, Аман өс күрэҕэр 5-с кыл үөрэнээччитэ Фокинова Василиса — 1-кы миэстэ, 6-с кылаастан Максимов Вова — 1-кы миэстэ буолбуттара.
Тыл холбоһуга, Кутана сэл.