– Тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, үһүө буолан кустуу бараары тэриннибит, – диэн Юрий Сахатаев булт мүччүргэннээх сырыыларыттан биир түгэни кэпсээн барбыта. – Иккиэ эбиппит буоллар, бэйэм даҕаны итэҕэйиэ суох этим быһыылааҕа. Сылайбыкка дуу, эбэтэр түлэкэчийбиккэ дуу холуом эбитэ буолуо. Ону баара, үһүө этибит…
Миэхэ таайым Ленинградка бара сылдьан, икки уостаах “ТОЗ-34” сааны атыылаһан аҕалбыта. Сабыс-саҥа, онтукпун боруобалаары, кустуу барар баҕа бөҕөбүн.
Табаарыстарым иккиэн Колялар. Павлов Коля уонна Семенов Коля диэннэр. Кинилэри араараары, Семенов Коляны “Куока” диэн ыҥырарбыт.
Оччолорго күһүҥҥү куска көҥүл диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Биһиги, бултуу бараары, үөрүү-көтүү, тэринии кытаанаҕа.
Болдьообут кэммитигэр Куокабытыгар тиийдибит. Киһибит ыксаабыт быһыыта көстүбэт, саатын ыраастана олороро. Сөҕүөхпүт иһин, чуумпурун төбөтүгэр аалар анал кумааҕыны эрийэн баран, саатын уоһун анньа аҕай олорор эбит. Соһуйдубут ахан, саа уоһун иһинээҕи хрома алдьанарын билэр буоллахпыт.
Аны туран, саата эргэ баҕайы эбит. “Миэхэ өссө биир сэнэх саа баар. Ону ылбаккын дуо?” – диэн этэн көрдүм. Куока саатын хомуйа оҕуста: “Мантан ордук сааны булуоххут суоҕа. Эһиги саҥа сааларгытынааҕар таһыччы буоллаҕа. Эбэм саата”, – диэбитинэн биһиэхэ көрдөрө ууммута.
Ылан тутан-хабан, кыҥаан көрбүтүм, ыйааһыннаах баҕайы, саатар маһа хамсыыр курдуга. Онтон сыныйан көрбүтүм, аатырар “Зауер три кольца” диэн немецкэй фирма саата буолан соһуппута. Уоһун иһэ хрома суох буолан, итинник ыраастаан дьэбинин ыытар эбитэ үһү.
Эбэтэ сүрдээх булчут, Толстой диэн ааттаах Хадан отделениетыгар олороро. Аны ботуруоннара барыта тимир, бэйэ иитиитэ. Миэхэ таайым, саҥа сааҕа диэн, оччолорго саҥардыы үөдүйбүт хордуон хахтаах хотуобай ботуруоннары аҕалбыт этэ.
Булт абылаҥар
Барыта ситэн-хотон, кустуу бардыбыт. Ботуруоммутун, аспытын-үөлбүтүн тэҥник үллэстэн сүгэ сылдьабыт. Толстойга тиийэн, дьоммутугар хоммуппут. Нөҥүө күнүгэр Маар диэн улахан күөлгэ киирэн кустаатыбыт. Кус баар эрээри киэҥэ, хаама суоҕа бэрт.
Үчүгэйдик ытаары, атын сиргэ барар буоллубут. Сирдьиппит – Куока. Кини булчут эбэтиниин бу сирдэргэ балайда сылдьыбыт, бултаабыт ахан буоллаҕа. Биир күөлгэ тиийэн бэркэ ыттыбыт. Ботуруоммут кэмчитинэн, улахан эрэ кустары ыта сатыыбыт.
Оҕолор буоллахпыт, төһө бэйэлээх ыһыктаах сылдьыахпытый? Онно эбии, булт ухханыгар сылдьар дьон быһыытынан, олоро түстэрбит эрэ үссэнэн иһэбит. Биирдэ көрүммүппүт ыһыкпыт бүтэн хаалбыт. Өссө даҕаны икки хонуохтаахпыт.
Ити сиргэ кутаа оттон, ол суоһугар хоммуппут. Сарсыарда Куокабыт: “Өссө кустаах сир баар, ону көрүөҕүҥ”, – диэт, иннин хоту хаама турда. Чахчы элбэх кустаах сир эбит этэ. Баһаамы өлөрдүбүт, аны сылайан, аччыктаан бардыбыт. Сытыйбатын, сүгэргэ чэпчэки буоллун диэн, кустарбытыттан хостообут истэриттэн туох баар очоҕосторун сыыйталаан үөлэн сиэбиппит.
Сөп буоларбытынан бултаан, атын сиринэн эргийэ төннөр хайысхабытын туппуппут. Киэһэлик отчуттар отууларыгар тиийэн, кэнсиэрбэ эҥин булан, аһыы түһээт, утуйан хаалбыппыт.
Сарсыарда эрдэ туран, айаммытын салҕаабыппыт. Күнү быһа хааман, сылайан, бүтэр уһугар аччыктаан, суккуруур тыыммыт эрэ хаалбыта.
Саабыт, таһаҕаспыт даҕаны ботуччу ыйааһыннаах буоллаҕа. Киэһэриитэ эмиэ отчуттар түһүүлэнэн сытар ампаар дьиэлээх сиргэ тиийдибит. Үөрбүппүт аҕай. Манна баар отчуттар оттоон бүтэ илик этилэр эрээри, дьиэлээбиттэр быһыылааҕа. Күһүн буолан, ыксаабакка оттуур кэмнэрэ буоллаҕа.
Түүҥҥү мучумаан
Отчуттар ампаар дьиэҕэ сиринэн сытар эбиттэр. Таҥастара-саптара тэлгэнэн сытара. Биһиги сылайбыппыт бэрдиттэн нэһиилэ аһаабыта, чэй испитэ буолаат, бэлэм таҥастарга сыппытынан утуйан хаалбыппыт. Минньигэс уубутугар дьэ саҥардыы ылларан эрдэхпитинэ, Колябыт хаһыытаабытынан ойон турбута.
– Уолаттар, суорҕаммын ким эрэ сулбу тардан ааҥҥа быраҕар дии… – диэбитэ.
– Сылайан, атаҕыҥ иҥиирэ тардан, тэбэн кэбиһэриҥ буолуо, – диэммит киһибитин уоскуттубут. Колябыт кытыыга сытара, мин суорҕанын аан диэкиттэн аҕалан, сыппытын кэннэ үрдүнэн саба бырахпытым.
Бэйэм даҕаны уубар аҥаарыйа сылдьар буоламмын, сытан нухарыйан истэхпитинэ, Коля ыһыы-хаһыы бөҕө буола түспүтэ.
– Эмиэ суорҕаммын былдьаатылар, – диэбитинэн сулбу ойон турбута. Биһиги, туохтан эрэ буолбакка, киһибититтэн куттаныах курдук этибит.
– Куттанар буоллаххына манна кэл, биһиги ортобутугар сыт, – дэспиппит, бэйэбит сыҕарыйсан, сытар миэстэ таһаарбыппыт. Колябытын ортобутугар уктан, суорҕанын икки өттүттэн тутан сыппыппыт.
Дьэ, утуйуох курдук буолан эрдэхпитинэ, Коля суорҕанын эмискэ ким эрэ тарта даҕаны, ньылбы таһыйан ылан, аан диэки элиппитэ. Үһүөн, соһуйан, олоро түспүппүт. Тоҕо эрэ куттаммаппыт. Сылайбыппыт, утуйар уубут кэлбитэ оччо буоллаҕа.
Дьиктитэ диэн, Куока биһиккини олох тыыппат, туох даҕаны киһи куттаныах тыаһа-ууһа, сибикитэ суоҕа. Коля суорҕанын ылбатаҕа. Биһиги олорбохтуу түһээт, сыппыппыт да, утуйан хаалбыппыт. Колябыт олорбутунан утуйбут этэ.
Итинник дьикти соҕустук сылдьан, дьиэбитигэр кэлбиппит. Кэлин дьоммутугар кэпсээбиппитигэр: “Сиргитин-уоккутун аһаппатаххыт буолуо. Сир иччитэ муокастаатаҕа”, – диэбиттэрэ.
Кэлин санаан көрдөххө, Коля эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэниэхтээҕин түүйбүтэ эбитэ дуу…
Иван АНДРОСОВ.