Муус устар 18 күнүгэр Тааттатааҕы хартыына галереятыгар «Сатабыл» Оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Волшебство красок» уруһуй куруһуогун оҕолорун уонна үһүс көлүөнэ оскуола аҕам саастаах «Далбар хотуттарын» айар быыстапкаларын хартыыналара кустук суһумун оонньоттулар.
Быыстапка аһыллар лиэнтэтин Нарыйаана Харайданова хомуска оонньуур доҕуһуолунан Айан Сенькин “Волшебство красок” холбоһугар үһүс сылын дьарыктанар иитиллээччи, Раиса Константиновна Аввакумова үһүс көлүөнэ оскуола биир бастыҥ буочардаах уруһуйдьута уонна куруһуок салайааччыта Людмила Прокопьевна Павлова быстылар. Галерея саалатын быыстапкаҕа кэлбит ыалдьыттар, оҕолор, төрөппүттэр ыга толордулар. Быыстапкаҕа турбут үлэлэри көрүү-истии, сөҕүү-махтайыы, хайҕааһын, астыныы бөҕө буоллулар.
Галереяны сүүстэн тахса, ол иһигэр 45 оҕо, сэттэ далбар эбээлэр холустаҕа суруйбут айымньылара араас кэрэ кырааска дьүһүнүнэн киэргэттилэр, мустубут дьону долгуттулар, сонун тиэмэлээх үлэлэринэн сэргэхсэттилэр. Быыстапканы галерея тустаах үлэһитэ Вера Александровна Канаева сахалыы уус-уран тылларынан салайан ыытта. Эҕэрдэ тылларынан Тааттыныскай Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылин, Тааттыныскай нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ Т.Ф. Куприянова, Оҕо айымньытын сайыннарар дьиэ педагог-организатора М.Д. Алексеева, Далбар хотуттар холбоһуктарыттан Л.П. Луковцева ситиһиигэ баҕаларын, оҕолор талааннарын арыйарга айымньылаах үлэтэ тохтообокко, баҕалаах дьону-сэргэни арыллыбатах талааннарын арыйарга сатабыллаах үлэни ыыта турарыгар баҕаларын этилэр. Быыстапканы көрө кэлбит дьон эбии үөрэх педагогтар, быыстапканы тэрийбит Людмила Прокопьевнаҕа оҕолор, эбээлэр айымньылаах үлэлэрин, суруйбут айымньыларын, сайда турар талааннарын киэҥ дьүүлгэ, дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбытын хайҕаатылар, махтаннылар, үгүс эҕэрдэ тылларын, үтүө этиилэри анаатылар, сэмэй бэлэхтэри, тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар.
Чахчы даҕаны бу быыстапкаҕа турбут үлэлэр киһи хараҕын сымнатар, дууһаны уоскутар сылаас, сырдык тыыннаах айымньылар. Тула эйгэбит дьикти түгэннэрин, айылҕабыт араас кэрэ өрүтүн, олоххо буолар кэрэттэн-кэрэ, сонунтан-сонун көстүүлэринэн баайын, оҕолор даҕаны эбээлэр даҕаны дьоҕурдарын сааһыттан тутулуга суох сайыннарыахха, талааннарын арыйахха сөбүн хас биирдии үлэ кэпсиир.
Оҕолорбут олус талааннаахтарын өссө дакаастаан бырааһынньык үөрүүлээх чааһыгар Людмила Прокопьевнаҕа дьарыктанар Вика Власова “Күн уота”, Нарыйаана Харайданова, Айыллана Иннокентьева, Айыына Варламова “Саас” диэн ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.
«Сатабыл» медиастудията, Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.