Саха сиригэр кус, хаас соҕурууттан муус устар 20, дьыл эрдэлээтэҕинэ, 16-18 күннэриттэн саҕалаан көтөн кэлэр. Ону кытта биһиэхэ, уолаттарга, эр дьоннорго кэтэһиилээх кэммит үүнэр. Кус булда саҕаланар!
Бүгүн эһиэхэ киин уонна хоту улуустарга кэлэр кустары, хаастары билиһиннэриэм.
Хаас көрүҥнэрэ
Саха сиригэр хаас хас да көрүҥэ кэлэр. Кинилэр киин улуустары таарыйан ааһаллар. Хоту тиийэн сымыыттыыллар.
Кус-хаас саҥатын манна киирэн истиҥ
Булт болдьоҕо
Куһу-хааһы бултааһын болдьохтоох. Хоту улуустарга уонча хонук, ый аҥаара хойутаан көҥүллэнэр. Тоҕо диэтэххэ, кус-хаас онно өр айаннаан тиийэр.
Ыам ыйын 18-22 күннэриттэн саҕалаан сымыыттыыр. Ийэ кус үөрүттэн арахсан, бэйэтигэр сөптөөх ууну булан, уйаланар. 10-ча сымыыты баттаан, от ыйын ортото таһаарар. Оҕолорун бүөбэйдээн, көрөн-истэн атырдьах ыйын 10-15 күннэригэр көччөх гынан көтүтэр. Кус оҕото көттө даҕаны күһүҥҥү кус саҕаланар.
Былыр биһиги өбүгэлэрбит күһүҥҥү куһу тыыппаттар этэ. Саас кэлии эрэ куһу бултууллара. Сылаас сиргэ баран уойан-тотон, улаатан, төлөһүйэн кэлэригэр кыах биэрэллэрэ. Ол үгэс билигин туттуллубат буолбута мэһэйи үөскэтэр. Тоҕо? Күһүҥҥү куһу бултаабаттара буоллар кус элбииригэр көмөлөөх, туһалаах буолуо этэ.
Ийэ кус түбүгэ
Саха сирэ — көтөрдөр төрүүр-ууһуур сирдэрэ. Сыл аайы манна көтөр кынаттаах 300-кэ көрүҥэ кэлэн сымыыттаан, төрөөн-ууһаан барар. Учуонайдар үөрэтэллэринэн, кус төрөөбүт-ууһаабыт сиригэр эргийэн кэлэ турар. Атын сиргэ барбыт түгэнэ суоҕун кэриэтэ.
Кус аһылыктаах күөллэргэ түһэн, онно олохсуйан үөскүүр. Айылҕа өстөөхтөрүттэн саһыаран күрэҥ дьүһүннээбит. Ньукуолун кэнниттэн сымыыттыыр. Уонча сымыыттаах буолар. Ону бүөбэйдээн от ыйын саҥатыгар таһааттыыр.
***
Кус оҕолорун бүөбэйдииригэр элбэх мэһэйдэри көрсөр. Үөһэттэн тыҥырахтаах көтөрдөр, алларааттан сиринэн сылдьааччылар кутталы үөскэтэллэр. Ол иһин хахха сири талан сымыыттыыр. Холобур, тыа саҕатыгар, от-мас анныгар, дулҕа төрдүгэр.
Өбүгэлэрбит былыр күһүҥҥү кус оҕотун тыыппаттар этэ. Күһүҥҥү куһу бултаабаттара. Ийэ кус оҕолорун көрчөх гынан көтүтэн илдьэ барарыгар кыах биэрэллэрэ. Бу үгэһи сорох хоту улуустарга тутуһаллар. От ыйын ортотуттан оҕолоро балачча улааталлар. Ийэ кус хара бастакыттан саһарга, куотарга, төрөөбүт-ууһаабыт күөллэригэр кыра-кыралаан дайарга, тыас-уус билиннэ да ууга сүүрэн киирэр гына үөрэтэр.
***
Аахпыккыт курдук, кус улахан эрэйинэн оҕолорун иитэн таһаарар. Эһиги көмөлөһүөххүтүн сөп. Хайдах? Кус сымыыттыыр күөллэригэр, кытылга, күөл арыыларыгар дьааһыгынан, мас хатырыгынан хаххата оҥоруҥ. Куспут-хааспыт элбииригэр, тэнийэригэр ити улахан көмө. Айылҕаны, көтөрµ-сүүрэри харыстыырга кыһаллыҥ.
Иннокентий Артамонов.
Худуоһунньук Прокопий Федоров
Видео Ульяна Павлова
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана Матвеева, Надежда Сидорова.