Быйыл оскуола5а барар Куннэй эдьиийинээн Сардааналыын олус кохтоох кыргыттар. Бугун эсиэхэ кинилэр тустарынан кэпсээн кэпсиэхпин ба5ардым. Чэ, истиэ5ин дуу.
О5осуттар
Кырачаан балтыбыт балтараатын аасан ийэбит улэтигэр тахсарга кусэлиннэ. Дьэ, до5оор, а5асым бисикки о5о корор тубугэр оройбутунан тустубут ээ. Тэлэбиисэри манаан атахпытын оро тэбэ сыппыт бэйэлээхтэр, биирдэ хорсуок, суоска, сыын-сыраан кысал5атыгар ыллардыбыт. «Эн да холоон этин, элбэх ыстааны курдары ыыппыт буолуохтааххын» — диэн эдьиийим монуттэр. Онуоха мин: «Ону баара эн бисикки биир сыл эрэ арыттаахпыт. Оччотугар иккиэн ииктээн эрдэхпит!» — диэн аахсабын.
О5о корорбутун тасынан бисиги дьиэтээ5и эбээсинэстэрбитин толоробут. Сардаана исит сууйарыгар мин дьиэбин хомуйабын, мин исиппин ланкынаттахпына кини куукунатын харбыыр. Бэрээдэги кэспит ыстарааптанар.
Быракаастаах балтыбыт Аайтыкка бисигини асыныа дуо! Хорсуокка олортоххо ойон турар, оронно сытыардахха хорос гынар. Куну-куннуктээн коочуктэнэ оонньуур, корудьуостээн куллэртиир.
Биирдэ о5обут чуумпуран хаалла. Хата бисиги онно эрэ наадыйбаппыт, куолубутунан быраастаах буола оонньуубут. Эдьиийим миигин мэлдьи ыарысах оностор идэлээх. «Сотолун бэргээбит, эмэсэ5ин тосуй, укуоллуом», — диир. Эбэтэр айахпын атытан бэлэспин онойор уонна: «Куомэйин кытарбыт, аны мороженай сиэбэккин!», — диэн хомотор. Ол сырыттахпытына арай куукуна5а исит улту тусэр тыаса исилиннэ. Бисиги сирэй сирэйбитин корсоот, бууппут быстарынан кыыспытыгар ойдубут. Тиийбиппи-ит, кисибит, дьэ куннээбит! Ыскаап иситтэн бурдуктаах саппыйаны ороон тасааран, аан дойдуну биир гына хаар уллук онорбут, сирэйдиин-харахтыын буудараланан туртайбыт. Эбиитин а5абыт чааскытын остуолтан сулбу тардан улту тусэрбит. Эдьиийим бисикки сурэхпит биирдэ «парк» гына тустэ. «Ити эн дии, эппитим буолбат дуо, исиккин сууйа о5ус диэн», — Сардаана миигин мо5уттэн оро хабыгырыы тустэ. Мин да хаалсыбатым: «Эн айахпын онойо сыппата5ын буоллар, ба5ар, сууйуом да этэ», — диэтим. Хайыахпытый, аахсан да туса суох. Хайдах эмэ гынан дьоммут кэлиэхтэригэр диэри хомуйа охсубут киси диэн саната суох улэлээбитинэн бардыбыт. Мин исиппин сууйдум, эдьиийим бурдугун харбаан бур5ачытта. Комолоон улэбитин умурутэ о5устубут. Хайыы, оттон били чааскыгыт, диэххит. Ээ, ону эдьиийим обургу бэрт тургэнник бысаарда. Хас эмэ ултуркэйгэ хайа ыстаммыт исити холбуу тутан баран, сыстараанньа
лиэнтэннэн эрийэн кэбистэ уонна а5абыт корботун диэн, ыскаап ула5атын булларда. Буттэ5э ол! Дьоммут эбиэттэригэр кэлиилэрэ исиппит ыраас, дьиэбит хомуллуулаах корустубут. Ээ, арба да5аны, били о5обут буударатын инчэ5эй тирээпкэнэн сотон ньал5аарытан кэбиспиппит. Буот!
Бутукай
Биирдэ а5асым бисикки мороженай онордубут.
— Куннэй, мороженай сиэххин ба5ара5ын дуо? – диир эдьиийим.
— Сиэн буолумуна. Бачча куйааска тымныы дагданы умньуур бэрт буолуо этэ. Ону эн биси хантан ылабыт?
— Ээ, бэ5эсээ тэлэбиисэргэ фрукта уутуттан мороженай онорорго уорэппиттэрэ. Астаан коробут дуо?
— Чэ, дабаай, — диэтим.
Холодильникпыт тугэ5иттэн биир имиллибит дьаабылаканы булан тасаардыбыт. Онтубутун сумэсинин суурдээри, мясорубканан эрийэн хачыгыраттыбыт. Дьаабылыкабытыттан омуна суох харах уута ыгыллан тахсарыныы, бэрт а5ыйах хааппыла таммалаата.
— Кэбис, убатан биэриэххэ, — диэтэ Сардаана уонна эриллибит аска ууну кутан бутукайдаата.
«Дагдабыт» дьусунэ соччото суох буолан та5ыста.
— Ээ, Куннэй, хата манна барыанньата булкуйуохха, оччо5о насаа минньигэс буолуо, — диэн эдьиийим холодильнигы хасыста.
Мин буолла5ына эбэм ыыппыт дьэдьэнин барыанньатын сатанар дуу, сатаммат дуу саарбах аска барыахпын ба5арбатым.
— Биэрбэппин. Отон барыанньата баар дии, ону булкуй ээ, – диэтим.
Барыанньалаах бутукайбытын булкуйан баран киилэ анардаах таас баанка5а куттубут уонна тутарга табыгастаах буоллун диэн, ньуосканы туруору анньан, тонорон кэбистибит.
Ол кун онно-манна аралдьыйан хаалан, били аспытын отой да умнан кэбистибит. Киэсээ ийэбит миин бусараары эт хостуу сылдьан, «морженайбытын» булан ылла. «Бу тугуй, хайа ойдоох кырааскалаах ууну тонорбута буолуой ээ? Исиккит хампы тонмут буолбат дуо!» — диэн мохто.
Ыт о5ото
Сардаана бисикки ыт о5отугар насаа ымсыырабыт. Соторутаа5ыта дьоммутугар тыа5а тахса сырыттыбыт. Эдьиийбит кыыса Айаана Бойбос диэн ыт о5олоох. Онтун танаска суулаан баран кото5о сылдьар. Бойбос чо5улуччу корбут хап-хара харахтаах, инчэ5эй муруннаах, култэйбит истээх. Айаана ытын тусунан олус элбэ5и кэпсиир, улаатта5ына харабыл оностуом диэн сэсэргиир.
Бисиги эдьиийбинээн кун аайы ыт о5отун тусунан санаан тахсар буоллубут. Оо, арай ийэлээх а5абыт бисиэхэ эмиэ ыт о5отун бэлэхтээтиннэр, тосо эрэ учугэй буолуох этэй диэн, утуйаары сытан сипсисэбит. Эдьиийим хортуонунан ыппыт о5отугар уйа оноруох буолар, оттон мин балтыбыт суоскатыгар уут кутан, кыра о5о курдук эмтэриэм диибин.
Дьоммутугар ытта бэлэхтээн диирбитин туох исин ылымматтар.
— Ол ыккыт иигин-саа5ын ким хомуйар? – диэн ийэбит мо5уттэр.
— Бисиги-и! Ыт ытсааныгар ииктээбэт-саахтаабат буолбат дуо? Ама биир ыты коруохпут суо5а дуо…
— Оттон аны кусун оскуола5а бардаххытына ыккытын ким корор? – диир а5абыт.
— Ээ, харчыга ыт корооччу булуохпут, — диибит бисиги. — Айтаны ардыгар кордорооччубут буолбат дуо?
— Ол харчытын ким толуур?
— Бисиги-и! Мунньуу харчыбытын биэриэхпит, отучча солкуобайдаахпыт ээ, ол оннугар чупа-чуупуспутун ылыахпыт суо5а.
Тисэ5эр а5абыт бэринэн, балтыбыт улаата тустэ5инэ ыт о5ото бэлэхтиэх буолан тылын биэрдэ.