Күүстээх дьон буоларга тардыһыҥ,
күүһү билии, үөрэх биэрэрин умнумаҥ.
Амма Аччыгыйа.
Наука диэн тугуй? Наука диэн киһи саҥаттан саҥаны билиитэ, тулалыыр эйгэни тупсарыыта, тугу эрэ саҥаны арыйыы.
Хас биирдии киһи наукаҕа кылаатын киллэриэн сөп. Холобура, биһиги билиини төрөппүттэрбититтэн, оскуолаттан ылабыт уонна ол билиини олохпутугар туһанабыт. Ким эрэ ол билиитин хаҥатан, учуонай буолары ситиһиэҕэ, опыттары оҥоруоҕа, тулалыыр эйгэҕэ туһаны аҕалыаҕа. Оттон ким эрэ ол опыттары туруорарга сөптөөх инструменнары оҥоруоҕа. Наука сайдарын туһугар хас биирдии киһи кылаата туһалаах.
Мин олохпор наукаҕа бастакы хардыым «Ханна, хаһан уонна хайдах кумааҕы баар буолбутай?» диэн дакылаат этэ. Олус интэриэһинэйэ — кумааҕы хантан кэлбитин билии уонна дьиэ усулуобуйатыгар кумааҕыны оҥорон көрүү.
Былыр дьон кумааҕы айыллыан быдан иннинэ суруйарга үөрэммиттэр уонна суруктарын араас матырыйаалларга бичийэллэр эбит. Аан бастаан кумааҕыны Кытайга Цай Лунь диэн киһи айбыт. Кини саҥа ньыманы туттубут, ол курдук, мас хатырыгын ис субатыттан кумааҕыны оҥорбут.
Былыр норуоттар икки ардыларыгар элбэх сэрии буолар. Биирдэ арабтар уонна кытайдар сэриилэспиттэр. Арабтар кыайаннар, кытайдар кумааҕы хайдах оҥоһуллар кистэлэҥин билбиттэр уонна кумааҕыны бэйэлэрэ оҥорон таһаарар буолбуттар. Онтон ыла кумааҕы атыы-эргиэн суолларынан аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт.
Кумааҕыны дьиэ усулуобуйатыгар оҥорор нььыма маннык:
- Иһиккэ эргэ хаһыаты бытарытабыт, үрдүгэр сылаас ууну кутабыт.
- Биир чайнай ньуоска ПВА килиэйи, остолобуой ньуоска крахмалы эбэбит.
- Барытын булкуйан баран, биир күн хонноробут.
- Ол кэннэ тарҕатан, формаҕа кутан хатарабыт.
Бу бырайыакпынан муниципальнай түһүмэххэ бастакы кылаас оҕолорун ортолоругар Гран При аатын сүкпүтүм.
Бэһис кылааска Ларионовскай ааҕыларга «Математика уонна музыка» диэн дакылаатынан 1 степеннээх диплому ылбытым. Мин флейтаҕа оонньуубун, ол иһин ити тиэмэ миэхэ чугас. Чинчийиим түмүгүнэн музыка уонна математика ыкса сибээстээхтэрин билбитим.
2018 сыл сайыныгар Мэҥэ Хаҥалас Хорообут нэһилиэгэр Барыласка «Юные экологи» лааҕырга сырыттым. Онно күҥҥэ сэттэ биэрэстэҕэ тиийэ хааман, сир кырсын, састаабын үөрэттибит, үүнээйилэри чинчийдибит. Харба Атахтан килэмиэтир ыраах баар Суола үрэҕи быһыттыыр шлюз регуляторга походтаабыппыт. Бу шлюз 1990 сыллаахха тутуллубут, ону Иван Гаврильевич Тимофеев быһаччы салайбыт. Биһиги төрөөбүт лицейбит Иван Гаврильевич Тимофеев аатын сүгэринэн сибээстээн, ити ытык сиргэ сылдьыы биһиэхэ өйдөбүннүк буолла. Кырдьык да, 30-ча сыллааҕыта тутуллубут диэтэххэ, баараҕай тутуу эбит, ону көрөн сөхтүбүт.
Маннык чинчийэр-үөрэтэр үлэлэр оҕоҕо элбэх билиини-көрүүнү биэрэллэр. Оҕо айар дьоҕура сайдар, толкуйдуурга, ырытарга үөрэнэр уонна туруоруммут сыалын ситиһэр буолар.
Света Дьяконова,
Майа лицейин VIII кылааһын үөрэнээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас.