Уус-Алдан оройуонун эбии дьарыктааһынын тэрилтэтэ кэтэхтэн ыыппыт маастар-кылаас күрэҕэр «Посевная бумага» диэн үлэбитинэн кыра сүһүөх оҕолоругар «Саамай туйгун маастар-кылаас» анал ааты ыллыбыт.
Салайааччыбыт география учуутала Александра Анатольевна Третьякова. Бу үлэбит сыала-соруга: туттуллубут туһата суох кумааҕыттан иккистээн туһаҕа таһаарыы, айылҕаны харыстааһын. Ол курдук, биһиги туһатыттан тахсыбыт кумааҕыны туһаҕа таһаардыбыт. Илитэн, илдьиритэн баран, сибэкки сиэмэтин кумааҕыбытыгар хатаран, үчүгэй бэйэлээх открытка оҥордубут. Бу чугас дьоммутугар бэртээхэй бэлэх буолар уонна бу кумааҕыга сыстыбыт сиэмэбит үчүгэй бэйэлээх сибэкки буолан үүнэр.
Ити курдук биһиги кумааҕыны иккис тыыннаан туһаҕа таһаардыбыт, кумааҕыны киһи иккистээн туттуон сөбүн киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдибит.
Оҕолоор, эһиги эмиэ кумааҕыны быраҕыах оннугар, саҥардан, иккистээн туттуҥ диэн сүбэлиэм этэ.
Артемий Васильев, 3 кыл., Ньурба «Ыллык» эдкорпост.