Сочи Россия биир саамай биллэр курортнай куората. Ол аата, бу куоракка дьон сынньана, муораҕа сөтүөлүү кэлэр. Төгүрүк сыл сылаас, хаара суох. Мин тиийэр кэммэр, кулун тутар ыйга сып-сылаас, күөх турар. Онно холоотоххо, Саха сирэ хаар да хаар, өрүс мууһунан бүрүллэ сытар.
Дьокуускайтан Новосибирскайынан, эбэтэр Москванан эргийэн 10 чаас көтөн тиийэр эбиккин. Самолетунан аан бастакыбын көтөр буоламмын, бу туһунан эрдэ интэриэһиргээбитим, самолет айаҥҥа куттала суоҕун ааҕан билбитим. Кырдьык, оннук эбит. Дойдубар төттөрү көтөн кэлэрбэр дьиҥнээх летчигы көрөн үөрдүм, астынным.
Сочи мин саастыы эбитэ буоллар…
Мин Сочины олус сөбүлээтим уонна толкуйдаатым: «Арай Сочи мин саастыы эбитэ буоллар, кини хайдах буолуо этэй?».
Үрдүк уҥуохтаах, сырдык да сырдык сэбэрэлээх, күн уотугар күлүмүрдүүр сап-саһархай баттахтаах, күөх харахтаах уолу буолуо этэ. Киирэн-тахсан уол оҕото, сөтүөлүүрүн наһаа сөбүлүүр. Онтон майгыта хайдаҕый? Кытаанах. Кыыһырдаҕына тыалырар, хомойбутун иһигэр туппат, тута этэр. Уйаҥ дууһалаах. Ол эрэн, кини сүрдээх аһыныгас. Ол сылааһыттан аттыгар баар дьоно үөрэллэр, астыналлар. Мэлдьи кини аттыгар баар буолуохтарын баҕараллар. Ол да иһин буолуо, кини тула элбэх омук түмсэн олорор. Кини дельфиннары олус таптыыр. Катеры, хараабылы сатаан ыытар.
Сочи уол доруобуйатыгар болҕомтону уурар, спордунан дьарыктанар. Спорт көрүҥнэриттэн хайыһары ордорор. Кыһыл полянаҕа «Роза Хутор» хайатыгартиийэн дьарыктанар. Мин санаабар, кини Саха сиригэр кэлэрэ буоллар, биһиги хаардаах дойдубутун наһаа сөбүлүө этэ.
«Чебурашка» уһуллубут пааркатыгар
Биһиги «Изумруд» санаторийга сынньанныбыт. Күн аайы бассейыҥҥа сылдьан сөтүөлээбиппит, эппитин-сииммитин дьарыктаабыппыт. «Дендрарий» диэн киэҥ да киэҥ паарка баар. Манна «Чебурашка» киинэни уһулбуттар. Онон бу паарка дьон-сэргэ болҕомтотун тардара өссө улааппыт. Сочи биир биллэр пааркатыгар сылдьан, аттракционнарыгар хатааһылаатыбыт.
Абхазияҕа
Биир күн Абхазияҕа күүлэйдээтибит. Мандариннара үүнэн тураллар. Күрүлгэн (водопад) арааһа манна баар. «Девичьи слезы», «Мужские слезы» диэн икки улахан күрүлгэни көрдүбүт. Тулата барыта үрдүк хайалар, сорох сиринэн хаардаах. Хаар быыһыгар турар, тоҥмот, тулата барыта хайа «Рица» күөлгэ сырыттыбыт.
Түмүк санаа
Мин бу айаным элбэх санааны иҥэрдэ. Киһи орто дойдуга элбэҕи билээри, туохха эрэ үөрэнээри, олох саамай үтүөтүн, сырдыгын иҥэринэн киһи буолаары олорор. Онон наар сырдыкка, үрдүккэ дьулуһуохтаах дии саныыбын. Үөрэххитигэр кыһаллыҥ. Сири-дойдуну көрөр, киэҥ сиринэн сылдьар туһалааҕын итэҕэйдим. Сочи Россиябыт биир саамай кэрэ сирэ буоларын көрөммүн итэҕэйдим. Мин ону көрбүппүттэн олус үөрдүм.
Сахам сирэ туспа уратылааҕын эмиэ бэлиэтии көрдүм. Сир-уот бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат да буолар эбит.
Женя ЗАХАРОВ, VIII «Г» кылаас, 20 №-дээх оскуола, Дьокуускай.