Орто дойдуга кулун тутарга Дьөһөгөй Айыы суолтата улахан. Кулун тутар — олоҥхо айыллыытын уонна саха төрөөһүнүн бэлиэтиир кэм. Олоҥхолортон бу ыйга бухатыыр ата ордук суолталанар. Ат — бухатыыр эрэллээх доҕоро, сүбэһитэ, миинэр миҥэтэ.
Бу ыйга Гавриил Васильевич Ксенофонтов «Эллэйаадатын» болҕойобут. Тоҕо диэтэххэ, Айыы итэҕэлин төрүттээбит Эллэй Боотур олоҕо-дьаһаҕа, дьылҕата, төрүччүтэ ойууланар. Саха дьонугар Эллэй Боотур өбүгэ киһи. Ол туоһута — боотур диэн. Итэҕэл кистэлэҥ үөрэҕэр боотуру “патер, питри” дииллэр. «Праотец, духовный первопредок” суолтаҕа итинник этэллэр. Онон боотуру бухатыыр, сэрииһит эрэ курдук саныа суохтаахпыт. Кини биһиэхэ итэҕэли, сиэрдээх өйү-санааны төрүттээбит ытык киһи буолар.
Төрүт үгэс. Сиэр-туом Дьөһөгөй Айыы
Үһүс халлааҥҥа олорор айыы. Биир курдук эрээри, сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ ини-бии буолан көстөр. Киһиэхэ олох- дьаһах төрдүн төрүттээбит. Үлэһит буоларга үөрэппит. Хоһуун үлэһити Дьөһөгөйтөн туттарыылаах дииллэр.
Алгыһа
Хоруу, хоруу, хоруу! Саханы саха оҥорон Сандаарыппыт, Киһини киһи оҥорон Килбэппит,
Дьиэни дэлэтээччи, Күрүөнү уһатааччы, Алтан сэргэни анньааччы, Аал уоту уматааччы,
Күн Дьөһөгөй Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын!
Дом.
Ойуута: сылгы.
Айыы санааҕа бу ойуу үлэһит буолууну, олоҕу бэйэ оҥостор кыаҕын көрдөрөр бэлиэ.
Тускулуур тыла: Хоруу! Айыы санааҕа бу тыл баары барытын түм диэн суолталаах. Хоруу диэтэххэ, атыыр сылгы үөрүн биир сиргэ түмэр.