Саха сиригэр 2023-2027 сыллар саха литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата, чинчийээччи, суруйааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан биллэриллэн турар. Ол чэрчитинэн бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, Дьокуускай куоракка кулаковский.рф саҥа сайт сүрэхтэннэ.
Бу улахан бырайыак Саха Сирин Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Николаев аатынан «Николаев-Киин» архыып-бибилэтиэкэтэ көҕүлээһининэн уонна СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин пуондата үбүлээһининэн күн сирин көрдө.
Кулаковский.рф сайтка А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэтэ, култуурунай, духуобунай нэһилиэстибэтэ, олоҕун уонна айар үлэтин кэрчиктэрэ, кини аатын үйэтитэр бырайыактар түмүллэн киирдилэр. Бырайыак олоххо киириитигэр улахан көмөнү А.Е. Кулаковскай аатынан Институт, «Кулаковскай эргимтэтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ, Национальнай архыып, Национальнай бибилэтиэкэ, Саха сирин аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин пуондата оҥордулар.
— Бу Михаил Ефимович Николаев баҕа санаатынан, кини көҕүлээһининэн оҥоһуллубут уонна олоххо киирбит бырайыак буолар. Михаил Ефимович этэн турар: «Хайдах аан дойду пространствота, аан дойду киһитэ, биһиги кэлэр көлүөнэбит Кулаковскай туһунан хантан билиэхтээҕий? Кини туһунан Википедияҕа матырыйаал аҕыйах, онон сайт баар буолуохтаах, онно үлэлэһиҥ, ону олоххо киллэриҥ, ону сайыннарыҥ, кинини биллиннэр» диэн биһиэхэ сыал-сорук туруорбута уонна биир күн «100 тыһ. солк. ыыттым, түргэнник саайта оҥоро охсуҥ» диэн сорудахтаабыта, — диэн ахтан аһарда «Николаев-Киин» архыып-бибилэтиэкэ дириэктэрэ Юрий Семенов.
СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятын миниистирин солбуйааччыта Георгий Андреев улуу бөлүһүөктэр А.Е. Кулаковскай, П.А. Ойуунускай үлэлэрин эрэ биллэхпитинэ, үөрэттэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэбит инники дьылҕатын быһаарарбыт оруннааҕын ыйда.
А.Е. Кулаковскай сиэнэ Лариса Реасовна Кулаковская-Велисавлевич Сербияҕа олорбута 24-с сылыгар барбыт. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ кыттыыны ылбыта тэрээһини өссө бүк суолталаан биэрдэ.
— Мин аҕам Реас Кулаковскай аҕатын Өксөкүлээх Өлөксөйү үстэ эрэ көрөн хаалбыт. Онтон мин эһэм суох буолбутун кэннэ, 30 сыл буолан баран төрүүбүн. Инньэ гынан мин кинини «бу эһэм» диэн ылынарбар ыарахан. Биллэн турар, хас биирдиигит курдук, мин кинини айымньыларынан уонна аҕам кэпсээнинэн билэбин. Өксөкүлээх Өлөксөй саха норуотун туһугар олорбута, үлэлээбитэ, айбыта-туппута, туох баар билиитин, кыаҕын, күүһүн саха норуота баар буоларын туһугар, улуу омуктары кытары тэбис-тэҥҥэ бииргэ хаамарын, «биһиги сахаларбыт» диэн сананар, бэйэбитин убаастанар норуот буоларбыт туһугар олорбута. Биир түгэни этэн аһарыахпын баҕарабын, Сербияҕа, марафоҥҥа кыттыыны ыла, аатырбыт сүүрүкпүт Сардана Трофимова тиийэ сылдьан, миэхэ ыалдьыттаабыта. Онно кини арай этэр: «Уой наһаа долгуйдум! Мин Өксөкүлээх Өлөксөйү хайдах эрэ Эллада дьоруойун курдук ылынар этим, эйигин көрөммүн, кырдьык, тыыннаах киһи олорон ааспыт эбит диэн итэҕэйдим». Ол наһаа долгуппута. Онон генийдэр диэн халлаантан түһэн кэлбэттэр, оннооҕор Өксөкүлээх бэйэтэ этэр дии «я — природный якут» — «мин айылҕа сахатабын» диэн. Онон, ыччакка туһаайан этэбин, бэйэҕитин толору киһи курдук сананаргытыгар хайаан даҕаны историяҕытын, киэн туттар улуу дьонноргутун, кинилэр айымньыларын билиэххитин наада. Эһиги Өксөкүлээҕи үөрэттэххитинэ, наһаа элбэх эйгэҕэ, наукаҕа буоллун, экологияҕа, географияҕа, тыл үөрэҕэр, о.д.а., далаһа ылаҕыт. Бастаан бэйэҕит төрөөбүт дойдугут историятын, кини чулууларын биллэххитинэ, ону таһаардаххытына, сайдыаххыт. Ол эһиги бэйэҕит ис дууһаҕытыгар уонна хааҥҥытыгар баар, ону таһаарыаххытын эрэ наада, — диэн ыччакка туһаайан эттэ.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата быйылгы үөрэх дьылыттан «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бырайыакка «Өксөкүлээх үөрэҕин» киллэрдэ. Бу туһунан дириэктэр Ольга Семенова маннык диэтэ:
— Уһуйааччыларбыт көмөлөрүнэн аныгы оҕону ийэ информацияны сөптөөхтүк ылынарга, уһуйааччыларбытын кытары, олор истэригэр Екатерина Петровна Чехордуна, бииргэ сүбэлэһэн, оҥорон саҕалаабыт биһиги бастакы холонууларбыт буолаллар. Элбэхтик илдьиритиһэн, саамай чэпчэки диэбит өттүтүн ылан турабыт, ол аата Алексей Елисеевич Кулаковскай оҕоҕо сааһынан дьайыан сөптөөх литературнай айымньыларын ыллыбыт.
«Өксөкүлээх үөрэҕэ» кэнсиэпсийэ бырагыраамата Таатта улууһун М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатыгар оҥоһуллубута. Ол туһунан ааптар, педагог, педагогическай наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна кэнсиэпсийэ сүрүн сыалын, соруктарын кэпсээтэ. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүннүүр редактора Сардаана Матвеева «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чаастарыгар оҥоһуллан киирбит уруоктары билиһиннэрдэ.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ учуонайдар, литература эйгэтин үлэһиттэрэ, суруналыыстар, уопсастыбынньыктар, устудьуоннар, үөрэнээччилэр кыттыыны ыллылар.
Онтон биһиэхэ өссө биир үөрүү уонна ситиһии: «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бэлэмнээн таһаарар «Өксөкүлээх үөрэҕэ» кулаковский.рф сайтка эмиэ тахсар буолуоҕа.
keskil14.ru