Эмискэ үөрэхпит тутула уларыйан хаалла, аан дойду үрдүнэн кутталлаах ыарыы туран, дьиэҕэ олоруу усулуобуйата үөскээтэ. Дьиэбитигэр олорон, куйаар ситиминэн (дистационно) үөрэнэ сылдьабыт. Дистанционно үөрэнии биһиэхэ саҥа хардыы, сүүрээн буолар, улахан сайдыылаах дойдулары кытта тэҥҥэ хаамсан эрэбит. Маннык үөрэҕи төһө баһылаатыбыт, сөбүлээтибит, туох ыарахаттары, мэһэйдэри көрүстүбүт?
Галина Федоровна Им, саха тылын, литературатын учуутала:
– Куйаар ситиминэн үөрэх учууталларга да, үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ да аан бастаан олус соһуччу этэ, эмискэ олохпут тутула тосту уларыйан хаалбыта, билигин кэм үөрэннибит. Бары даҕаны цифровой эйгэни баһылыырга, сатыырга үөрэнэрбитигэр хардыы буолар. Мин үөрэтэр предметим регион иһинээҕи буолан, уруокка туттарга атын эбии матырыйаал бэлэм суоҕа атахтыыр. Уруоктарбар барытын бэйэм оҥорон, устан ыытабын, онно наһаа элбэх бириэмэ барар, күнү быһа көмпүүтэргэ олорон үлэлиирим сылаалаах эбит. Онтон үчүгэйэ диэн хас биирдии оҕо үлэтин ыытар, тута киирэн бэрэбиэркэлиигин, сыана туруораҕын, оҕо тиэмэни өйдөөбөтөх буоллаҕына, ыыппыт матырыйаалгын хаста да киирэн көрүөн сөп. Ылынар оҕо түргэнник ылынар, онтон сорохторго уустук соҕус. Төрөппүт үөрэх эйгэтигэр чугаһыыр, оҕотугар көмөлөһөр, хас да үөрэнэр оҕолоох ыалга көмпүүтэринэн хааччыллы боппуруоһа уустук.
Нюргуяна Сергеевна Иовлева, төрөппүт:
– Биһиги дьиэ кэргэн икки атын-атын оскуолаҕа үөрэнэр 3 оҕолоохпут. Бастакы күммэр ийэ киһи быһыытынан сүрдээҕин сылайбытым. Үс аҥы сүүрэ сылдьан тиэмэлэрин быһааран, тэҥҥэ аныгылыы цифровой сыһыарыылары хасыһан биэрбитим. Оҕолорум хата үһүс күннэриттэн бэйэлэрэ олорон үөрэнэллэр, дьиэҕэ сорудахтарын толорон ыыталлар.. Саамай сөбүлээбит платформабыт “Якласс” уонна “Учи.ру”, араас элбэх сорудахтаах, онон баал таһааран көрдөрөр. Оҕолору сэҥээрдэр. Оҕолор бу карантин кэмигэр бириэмэлэрэ элбээтэ. Үөрэнэн бүтээт, дьиэҕэ үлэлэрин бэриллибит бириэмэ иһигэр оҥорон ыыта сатыыллар, ыыттылар да, иллэҥ буолаллар. Биһиги чааһынай дьиэҕэ олоробут, ол иһин таһырдьа оонньууллар, мас хайытан кыстыыллар. Дьиэҕэ көмөлөрө үгүс. Харантыын кэмигэр дьарыкпыт элбэх. Күн иллэҥэ суохпут. Эти-сиини сайыннаран, теннис оонньуубут. Улахан уолбун кытары стеллаж оҥордубут, билигин эмиэ атыны уһана сылдьабыт. Күн аайы саҥаттан саҥа идея киирэ турар. Онон харантыыҥҥа хаайтаран чуҥкуйа олоробут диир кыахпыт суох. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиттии, дьиэҕэ олоруу – дьиэ кэргэнии сомоҕолуур эбит. Барыбытыгар үчүгэй өттүнэн туһалаах курдук көрөбүн. Этэннэ бу ыарыыбыт аастар диэн баҕа санаалаахпын.
Дуня Старостина , 8 «А” кылаас:
– Дистанционно үөрэнэр үчүгэйэ диэн ыксаабакка, бэйэҥ үлэлииргинэн үлэлиигин уонна дьиэҕэр олороҕун. Ол эрээри итэҕэс өрүттэр эмиэ баллар, холобур, сорох оҕолорго интэриниэттэрэ мөлтөх буолан, тугу эмэ саҥаны көтүтэн кэбиһэн, өйдөөбөккө хаалан хаалаллар, саҥа тиэмэни үөрэтэргэ уустуктардаах курдук. уот баран хаалар кыһалҕата эмиэ туруон сөп. Ол да буоллар, биһиги дьиэбитигэр олорорбут туһалаах өттүн көрүөхтээхпит: чугас дьоммутун, дьиэ кэргэммитин кытта эрдэ тугу гыныахпытын, оҥоруохпутун баҕарбыппытын олоххо киллэрэргэ бириэмэ бэриллибит курдук. Өссө бэйэбитигэр уонна атын дьоҥҥо ыарыы тарҕамматыгар көмөлөһөбүт.
Диана Сидорова, 7 “А” кылаас:
–Хас биирдии киһи бэйэтин уонна чугас дьонун доруобуйатын харыстыыр туһуттан ханна да сылдьыбакка, харантыыны тутуһуон наада. Араас дойду медиктэрэ, учуонайдара вакцина оҥорорго үлэлэһэ сылдьаллар. Биһиги, үөрэнээччилэр, куйаар ситиминэн үөрэммиппит номнуо икки нэдиэлэ буолла. Мин санаабар, маннык үөрэх чэпчэки, ол гынан баран киһини наһаа сылатар. Учууталларбыт биһиги туспутугар кыһаллаллар, онтон биһиги эмиэ сөптөөх билии ылаары кыһаллан үөрэнэбит. Оскуолаҕа олорон үөрэнэр быдан ордук. Доҕотторбун аҕынным. Сотору кэминэн барыта этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбит. Бэйэбит доруобуйабыт — бэйэбит илиибитигэр.
Алик Григорьев, 8 «А» кылаас:
– Дистанционнай үөрэх элбэх кыһалҕаны үөскэттэ. Саҥа тиэмэ дьиэҕэ үлэлэрин оҥорорбор ыарырҕаттым. Тиэмэбин өйдөөбөтөхпүнэ, сорудахпын оҥоро сатаан, күнү быһа да олоруохпун сөп, ол быыһыгар аралдьыйабын даҕаны. Сорох учууталлар биһигини өйдөөннөр, аҕыйаҕы ыыта сатыыллар.Үчүгэйэ диэн цифровой үөрэх өттүгэр элбэҕи сатаатым, элбэх саҥа технологияҕа үөрэнэн эрэбин.
Бу ыарыыны суох гынарга, бары бэрээдэги тутуһуохтаахпыт,чугас дьоммутун харыстыахтаахпыт, дьиэбитигэр олоруохтаахпыт,оччоҕуна биирдэ бу ыарыы суох буолар.Онон бары дьиэбитигэр олоруохха диэн ыҥырабын. Доруобай буолуҥ, бэйэҕитин харыстааҥ!
Сайаана Толстоухова, 8 “А” кылаас:
– Коронавирус – олус кутталлаах уонна күүстээх ыарыы. Бары харантыыҥҥа сабылынныбыт: оскуола, тэрилтэлэр, маҕаһыыннар. Таһырдьа мааската суох биир да киһи тахсыбат, оттон оҕолору дьиэттэн олох таһаарбаттар. Биир эмит оҕо уулуссаҕа сылдьарын көрдөхтөрүнэ, төрөппүттэрин ыстырааптыахтарын сөп. Биһиги дистанционно үөрэнэ сылдьабыт. Мин сөбүлээбэтим диэн таһырдьа тахсыбаккын, күүлэйдээбэккин, ханна да кыайан барбаккын. Осуолабын наһаа аҕынным, онно оҕолору кытта кэпсэтэҕин, тэҥҥэ үөрэнэҕин. Оттон маннык дьиэҕэ хаайтаран олорорбут үчүгэйэ – ыарыы тарҕаммат, ким да ыалдьыбат. Дьон мустар сиригэр мааската суох сылдьымаҥ, дьиэҕитигэр тиийэн баран, илиигитин суунар буолуҥ, аймахтаргытын уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!
Эмма Андросова, 8 «А» кылаас:
Улуу Кытай сириттэн
Вирус кэллэ биһиэхэ
Коронатын кылапачытан,
Олорто барыбытын дьиэҕэ.
Оҕолордуун,кырдьаҕастыын
Олордубут карантиҥҥа.
Куйаар ситимигэр киирэммит
Үөрэхпитин үөрэнэбит,
Саҥаны билээри хасыһабыт.
Олус куһаҕан эбит
Дьиэҕэ хааллан олорор,
Оҕолордуун үөрэ-көтө
Оскуолаҕа үөрэммэппит.
Учууталым дуоскаҕа
Быһаарарын суохтаатым,
Хата Интэриниэт баар буолан ,
Биһигини абырыыр.
Учууталлыын,оҕолордуун
Сибээспитин быспаппыт!
Саша Сорошев, 7 “А” кылаас:
– Коронавирус диэн куһаҕан ыарыы кэлэн, аан дойдуну бүтүннүү аймаата. Дойдубут президенэ В. Путин Россия гражданнарыгар биһиэхэ барыбытыгар куттал суох буолуутун хааччыйан, элбэх уураахтары таһаарда, дьиэҕэ олорор харантыыны биллэрдэ. Биһиги, оҕолор, дьиэбитигэр олорон үөрэнэр буоллубут, төһө да ыараханын иһин, биһиги доруобай буоларбыт туһугар кыһаллаллар. Харантыын хаһан бүтэн, оҕолорбун кытта көрсөн, тапталлаах оскуолабытыгар үөрэнэ барарбын наһаа да күүтэбин.
Коля Андросов, 7 «А» кылаас:
–Дьиэҕэ олорон үөрэнэр соччото суох, кылааһым оҕолорун кытта көрсүбэппин. Интэриниэт нөҥүө үөрэнэр ыарахан, сибээс куһаҕан буолан киирэн испэт. Тиэмэлэрбин үчүгэйдик өйдөөбөппүн, оскуолаҕа учуутал үөрэтэрэ быдан ордук эбит.
Майя Боярова, 8 “А” кылаас:
– Кутталлаах ыарыы туран, дьиэҕэ олорор, үөрэнэр, үлэлиир усулуобуйа үөскээтэ. Үөрэхпит куйаар ситиминэн буола турар. Хас биирдии киһи бу балаһыанньаны өйдөөн туран, этиллибит ирдэбиллэри толору тутуһар буоллаҕына, бу кутталлаах ыарыыны биһиги этэҥҥэ туоруохпут. Дистанционнай үөрэх диэн ыарахаттардаах, ол эрэн билии ыларга, үөрэхпитин этэҥҥэ бүтэрэр туһугар элбэххэ, саҥаҕа үөрэнэбит, инникигэ дьулуһабыт.
Артур Андросов, 7 «А» кылаас:
Коронавирус кэлэн,
Киһи бөҕө ыарыйда!
Коронавирус кэлэн,
Карантиҥҥа бардыбыт!
Эбэлээх эһэҕитин,
Таһырдьа таһаарымаҥ.
Бэйэҕит эмиэ тахсымаҥ!
Илиигитин, сирэйгитин,
Сууна сылдьыҥ!
Хараххытын-айаххытын
Хаһымаҥ, тыытымаҥ!
Короновируһу кыайыахпыт!
Оскуоланы бүтэрээччи буоларым быһыытынан экзаменнарбытын хайдах туттарабыт диэн долгуйабын. Учууталларбыт онлайн үөрэтэллэринэн, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрэллэринэн күүскэ бэлэмнэнэ сатыыбыт, элбэҕи бэйэбит хасыһан үлэлиэхпитин наада. КГЭ-бит түмүгэ ханнык идэни таларбытыгар улахан оруолу ылар, онон оскуолаҕа ырытан, быһааран үөрэтэри олус суохтаатыбыт. Барыта ааһа охсон, бүтэрин күүтэбит.
Аан дойду үрдүнэн маннык ыарыы тарҕанан турдаҕына, дьиэҕэ олоруу – хас биирдии киһи бэйэтин уонна чугас дьонун бу ыарыыттан харыстыыра буоларын өйдүөхтээхпит, бэрээдэги, ирдэбили тутуһуохтаахпыт. Саас айылҕабыт уһуктарын, көҕөрө чэлгийэрин саҕана барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэниэххэйиҥ!
Айыына Михайлова, Ытык Күөл Алампа аатынан 1 №-дээх орто оскуолатын 11 “А” кылааһын үөрэнээччитэ,
“Ситим/Диалог” пост эдкора.