Бүгүн, ахсынньы 10 күнүгэр, куйаар ситиминэн «Эргиэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи бизнес-оонньуу ыытылынна. Тэрийээччилэринэн Н.Е. Мординов аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата буоллулар.
Оонньууга өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан уопсайа 12 хамаанда: Өктөм, Эдьигээн, Баайаҕа, Халбаакы, Дьохсоҕон, Атамай, Бөтүҥ, Уолба, Хаптаҕай, Булгунньахтаах, Боруулаах, Танара, Чурапчы орто оскуолаларыттан кытыннылар.
Экспертэринэн «Кэскил» хаһыат үлэһиттэрин кытта «Эргиэн» оонньуу хас да төгүллээх кыайыылаахтарынан буолбут В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын хамаандата: Аман, Дархан Жирковтар, Харысхаана Аммосова, Галя Захарова үлэлээтилэр.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова, В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын дириэктэрэ Светлана Кимовна Игнатьева, «Эргиэн» бизнес-оонньуу тэрийээччитэ Семен Семенович Посельскай тыл эттилэр.
Кинилэр оҕолорго төрөөбүт тылларын ытыктыыр, аныгы тэтимнээх олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, булугас өйдөөх, сайдыылаах дьон буола улааталларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.
Тэрээһини В. П. Ларионов аатынан «Тускул» үҥкүү ансаамбыла сэргэх «Тик-ток» үҥкүүтүнэн киэргэттэ.
Оонньуу 2 түһүмэхтээх ыытылынна:
1. Бизнес-бырайыак.
2. Кейс-сорудах.
Иккис түһүмэххэ хамаандалар кэнчээри ыччат «Кэскил» хаһыаты ааҕыыны, сурутууну көҕүлээһинигэр, сонун сүүрээни киллэриигэ тус көрүүлэрин иһитиннэрдилэр. Ол курдук, хаһыат SWOT-анаалыһын оҥордулар, саҥа рубрикалары киллэриигэ санааларын үллэһиннилэр уонна хаһыат сүрүн сирэйин (обложкатын) оҥорорго холоннулар.
Ырытыы оҥорууга үгүс оскуола хамаандалара аныгы информационнай технология сайдыбыт үйэтигэр оҕолор кинигэни, хаһыаты үлүһүйэн туран ааҕыыттан тэйэр кутталлаахтарын туһунан санааларын эттилэр. Онуоха араас оонньуулары ыытан, ааҕыыны социальнай ситимҥэ оҕону тардар гына көҕүлээн бу кыһалҕаны туоратыахха сөбүн бэлиэтээтилэр.
Күрэх түмүгэ ахсынньы 13 күнүгэр биллиэҕэ, кыайыылаахтар ааттара ааттаныа.
«Мэҥэбил» пресс-киин.