Билигин киһи эрэ барыта социальнай ситимнэргэ олорор. Оҕолор ордук Тик-ток, Yotube, Инстаграм куйаар ситимнэригэр сөбүлээн олороллор. Бэйэлэрин тус сирэйдэрин аккаунуттан араас видеолары, хаартыскалары таһаараллар. Сорох киһи аһара үлүһүйэн, бэйэ тус сибидиэнньэтин таһаарыан сөп. Онтон куйаар ситимин түөкүттэриттэн хайдах харыстанабыт?
Бастатан туран, хаһан даҕаны төлөпүөҥҥүт нүөмэрин сырдатымаҥ уонна ханна даҕаны суруйан хаалларымаҥ. Масыанньыктар төлөпүөн нүөмэригэр эрийэн араас кирэдьиит, түргэн харчыны ыллара сатаан эрийиэхтэрин сөп. Аны төлөпүөҥҥүт нүөмэрэ эһиги социальнай ситимнэргэ аккауннарыгар логин курдук сурулла сылдьар буоллаҕына, эһиги тус сирэйгитин (страницаҕытын, почтаҕытын) алдьатыахтарын сөп. Аны төлөпүөҥҥүт нүөмэригэр «баантан эрийэбит» диэн тус каартаҕыт кодун уонна дааннайын ыйытан албынныахтарын сөп.
Иккиһинэн, төрөөбүт күҥҥүт туһунан ханна да ыйымаҥ. Масыанньыктар «төрөөбүт күҥҥэр бэлэх ыытабыт» диэн туох эрэ биллибэт ссылканы ыытыахтарын сөп. Ол ссылканы арыйан киирдэххинэ, фишинговай (куйаар ситимин масыанньыктара туттар уорар ньымалара) бырагырааманан эһиги тус информацияҕытын, парольгутун устан ылыахтара.
Үсүһүнэн, олорор дьиэҕит аадырыһын ыйымаҥ. Кими кытары олороргун, ким ханна үлэлиирин туһунан — бу барыта эн бэйэҥ тус информацияҥ. Онон маны онно-манна суруйар, тарҕатар наадата суох.
Төрдүһүнэн, дьонуҥ ааттарын ханна да суруйума. Социальнай ситимҥэ эн тус аккауҥҥун алдьатар түгэннэригэр, дьонуҥ аатын билэр буоллахтарына, араас схеманан билэр дьоҥҥуттан харчы көрдүөхтэрин сөп. Холобур, маннык этиилээх иһитиннэриилэринэн субу-субу дьонтон харчы көрдүүр буоллулар: «Мин ийэм… (аата) саахалга түбэстэ, эпэрээссийэҕэ суһаллык харчы наада буолла» диэн тарҕатан, бэйэлэрин суоттарыгар харчы хомуйуохтарын сөп. Хомойуох иһин, маннык түбэлтэ хатылана турар. Ыксаабыт киһи иэдээҥҥэ түбэспит чугас дьонугар харчы ыыппытын билбэккэ да хаалар буолар.
Бэсиһинэн, ханна, кимниин сынньана барбыккын эмиэ кэпсээбит, эбэтэр кэмчилээн кэпсиир, социальнай ситимҥэ таһаарар буол. Түөкүттэр аадырыскын билэр буоллахтарына, аа-дьуо дьиэҕэр тиийэн, ааҥҥын алдьатан киириэхтэрин сөп.
Биһиги билигин куйаар ситимин масыанньыктарыгар, түөкүттэригэр куһаҕан дьыаланы оҥороллорун хайдах эрэ чэпчэтэн биэрэр курдукпут, барытын бэйэбит Интернет нөҥүө аһаҕастык кэпсии, тарҕата сылдьабыт. Дэлэҕэ да этиэхтэрэ дуо: «Чуумпу — көмүскэ тэҥнээх» диэн.
Онон сэрэхтээх буолуҥ. Ону-маны өйдүү-өйдүү таһаарар буолуҥ!
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.