Бүгүн Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин күнэ. “Өктөөп дии? Уонна тоҕо сэтинньигэ бэлиэтииллэрий?” – диэххит. Кырдьык, өрөбөлүүссүйэ урукку халандаарынан алтынньы 25 күнүгэр буолбута. Ол гынан баран, эһиилигэр бу билиҥҥи григорианскай халандаарбытыгар көһөн, 13 күн сыҕарыйан, сэтинньи 7 күнүгэр түбэспитэ.
Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр ити дата халандаар кыһыл күнэ этэ. Тоҕо диэтэххэ, бу күн ыраахтааҕылаах Арассыыйа баттаммыт норуота, сэбилиниилээх өрө туран, Зимнэй дыбарыаһы ылан, Временнэй бырабыыталыстыбаны тутан ылан хаайан, Сэбиэт былааһын олохтообута, сирдьитинэн Ленини билиммитэ. Чахчыта да, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ диэн история хаамыытын уларыппыт, киһи аймах сайдыытыгар сабыдыаллаабыт, инники кэскили түстээбит Улуу күн буоллаҕа эбээт. Ол улууканнаах күн тыынын, салгынын, күүрээнин П.А. Ойуунускай “Былааһы —Сэбиэккэ” хоһоонун ааҕан билэбит, ылынабыт:
“Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр,
Сэриинэн сэтэрэн, уотунан умайан,
Сир ийэ үрдүнэн силлиэлээх холорук
Силлиэрэн-боллоорон ытыллан таҕыста.
Бары баар баттаммыт
Барыта тахсаннар,
Барабаан охсоннор
Баргыһан бардылар…
Уруйдааҥ!
Уруйдааҥ!
Былааһы — Сэбиэккэ!”
Кэнчээри ыччат дьоллоох олоҕу аҕалбыт Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ төһөлөөх сыранан, сиэртибэнэн кэлбитин, хайдахтаах курдук улахан өрө туруу буолбутун хараҕар көрөн өйдөөтүн диэн, худуоһунньуктар холустаҕа уруһуйдаан хаалларбыттара билигин биһиэхэ ол күн кэрэһиттэрэ буолан, элбэҕи кэпсииллэр.
Бүгүн эһиэхэ анаан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ хайдах барбытын, туох буолбутун хартыыналарынан сэһэргиибит:
Хас эмэ үйэ баттаммыт норуот улахан эрэли кытта өрөбөлүүссүйэҕэ туруммутун Владимир Некрасов “И поднялся народ” хартыынатыгар көрүҥ.
Ыраахтааҕылаах Арассыыйаны утарбыт үлэһит-хамначчыт дьон батталлаах олох бэлиэлэрин барытын суох гыммыттара. Бу Иван Владимиров уруһуйа.
Оттон Павел Соколов-Скаля Зимнэй дыбарыаһы штурмнаан ылар түгэни үйэтиппитэ.
Михаил Соколов Временнэй бырабыыталыстыбаны хайдах туппуттарын ойуулаабыта.
Бу түүн аатырбыт крейсер “Аврора” хаста да ыппытын Ефим Дешалыт бу курдук уруһуйдаабыт.
Зимнэй дыбарыаһы ылыыга элбэх киһи толук буолбута, тыына быстыбыта. Ону Николай Горлов “Поэма революции” хартыынатыттан көрүҥ.
Кимэн киирии, кыргыһыы хайдах баран эрэрин Лениҥҥэ кэлэн отчуоттаан, сырдатан, сүбэлэтэн барар түгэннэрин Борис Щербаков “Редакция “Правды” диэн дьүһүйүүтэ кэпсиир.
Хаһан даҕаны сиэдэрэй дьиэ-уот, баай-дуол диэни көрбөтөх кыра-хара норуот оҕото Зимнэй дабырыас мааны малыттан-салыттан соһуйа турарын Виталий Поляков ойуулаабыт.
Хаан тохтуулаах штурм кэнниттэн, сыалларын ситиспит дьон быһыытынан, уоскуйа таарыйа табах тардаары туралларын Владимир Серов хартыыната сэһэргиир.
В.И. Ленин, кыайыыларынан эҕэрдэлээн, салгыы хайдах быһыылаахтык дьаһаналларын былааннаан, сүбэ мунньаҕы ыыта турарын эмиэ Владимир Серов ойуулаабыт.
Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн. Баттаммыт норуокка тэҥ бырааптаах дьоллоох олох саҕаламмытын “Правда” хаһыат сэһэргиир. Николай Осенев дьон үөрүүтүн олус итэҕэтиилээхтик уруһуйдаабыт буолбаат?
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.