Айар тыл аҕата, саха литературатын төрүттээччи, былыргы олох чинчиһитэ, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын төрөөбүт Дьохсоҕонун нэһилиэгэр кини аатын сүгэр оскуолаҕа ньиргиэрдээхтик бэлиэтээтибит.
Өксөкүлээхпит скверигэр тыыннаах сибэкки уурдубут, нэһилиэкпит баһылыга Петр Егорович Захаров 2022 сылы Өксөкүлээх Өлөксөй сылынан биллэрбитин үөрүүнэн ылынныбыт.
Бу бэлиэ күн сарсыардатыттан улуу биир дойдулаахпытыгар аналлаах кылаас чаастарын ыыттыбыт. Оҕолорбут «Кулаковскай ыллыгынан», «Сайын кэлиитэ», «АГРО», «А.Е.Кулаковскай», «Айанньыт», «Култууралар кэпсэтиилэрэ», «Амыдай алаас», «Аҕам олоҕо», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ», «Ытык сирдэр» диэн дириҥ ис хоһоонноох хайысхаларынан «Өксөкүлээх үөрэҕэ» билии-көрүү аартыгынан айаннаатылар, үгүһү үөрэттилэр, элбэҕи иҥэриннилэр. Маны сэргэ, хабылык, хаамыска, өбүгэ оонньуулара көхтөөхтүк барда. Тэрээһиммитин спортсаала устун тилэри тэлгэммит, оҕолор, учууталлар, нэһилиэк олохтоохторо илиилэрин сылааһын иҥэрбит араас сахалыы оҥоһуктарбыт, иһиттэрбит, харысхалларбыт, “Ытык сирдэринэн айан”, сүдү суруйааччы кинигэлэрин быыстапката киэргэттилэр, ситэрэн-хоторон биэрдилэр. “Өксөкүлээх сардаҥата” өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа кыттыһан, анал муннук тэрийдибит, сүгүрүйүү туомугар кыттыстыбыт. Амыдай алааска күһүн педдесаҥҥа бара сылдьан “Хомус”, “Кыраһыабай кыыс” хоһооннорунан видеоролик устубуппутун бары сэҥээрэ көрдүлэр.
Бастакы Президеммит М.Е. Николаев көҕүлээһининэн тэриллибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуолаларын ситимин дириэктэрдэрэ, сүрүн үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ күндү ыалдьыт буоллулар.
Бу күн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өксөкүлээх ааҕыылара» научнай-практическай конференция түмүгүн киэҥ араҥаҕа таһаардыбыт. Тэрээһиммитигэр Дьокуускай, Орто Халыма, Абый, Уус Майа, Өймөкөөн, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарын араас нэһилиэктэриттэн барыта 126 оҕо, 21 учуутал көхтөөхтүк кытыннылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Рива Реасовна Кулаковская, хос сиэнэ Варвара Атосовна Кулаковская, «Араҥас сулус», «Уран тыл» литературнай түмсүү чилиэннэрэ, учууталлар о.д.а үлэлэри сыаналаатылар:
«Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун, айар үлэтин сырдатыы» уонна «Саха норуотун үгэстэрин, фольклорун үйэтитиигэ А.Кулаковскай киллэрбит кылаата» (куйаар ситиминэн) “Өксөкүлээх” НПК ааҕыылара – үөрэнээччилэр:
Кылаан чыпчаал Дмитриева Ньургуйаана, Бүлүү, Хаҕын 10 кыл.
1 м. — Окоемов Герман, Бүлүү, Кыргыдай, 10 кыл., Корякина Уля, Чурапчы, Дириҥ, 10 кыл. 2 м. — Захарова Дариана, Таатта, Дьохсоҕон, 9 кыл., Саввинова Анастасия, Сунтаар, Аллаҥа, 10 кыл., Петрова Настя, Мэҥэ Хаҥалас, Павловскай 10 кыл. 3 м. — Борисова Сахайаана, Мэҥэ Хаҥалас, Төҥүлү 8 кыл., Сергеева Камила, Үөһээ Бүлүү, Оҥхой, 8 кыл., Егоров Виталий, Ытык Күөл 1 №-дээх ОО, 7 кыл., Андреева Марина, Чычымах, 10 кыл., Никифорова Наташа, Харбалаах, 10 кыл.
Учууталларга:
1м. — Санникова Мария Гаврильевна, Мэҥэ Хаҥалас, Баатара, саха тылын уонна литературатын учуутала 2 м. — Александрова Саргылана Семеновна, Бүлүү, Кыргыдай, педагог-психолог. 2 м. — Федорова Елена Афанасьевна, Нам, Хамаҕатта, интернат оскуола иитээччитэ. 3 м. — Кривошапкина Валентина Семеновна, Харбалаах, саха тылын уонна литературатын учуутала, Дьячковская Ольга Ильинична, Уус Майа, Күп, алын сүһүөх кылаас учуутала
Видеоуруок, видеодьарык күрэһэ:
1 м. — Дьокуускай, национальнай гимназия Илларионова Венера Илларионовна нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Соловьева Анна Афанасьевна, МЦТ сэбиэдиссэйэ, Бурнашева Оксана Васильевна МЦТ сэбиэдиссэйэ, педагог-библиотекарь. 2 м. — Сивцева Мария Владимировна, Дьохсоҕон, саха тылын уонна литературатын учуутала, 2м. Афанасьева Анна Алексеевна, омук тылын учуутала. 3 м. — Лебедева Ньургуяна Михайловна, биология учуутала, Миронов Артур Евгеньевич, история учуутала. 3 м. — Павлова Марианна Ивановнаҕа, Чычымах, нуучча тылын уонна литературатын учуутала.
«Мин Өксөкүлээҕим» өйтөн суруйуу түһүлгэтэ:
Кылаан чыпчаал Кожин Олег, Мэҥэ Хаҥалас, Баатара, 10 кыл.
1 м. — Попова Ангелина, Дьохсоҕон, 10 кыл., Васильев Василий, Хаҥалас, Хачыкаат, 9 кыл., 2 м. — Степанова Ванесса, Орто Халыма 7 кыл. Степанова Степанида, Бүлүү 2 №-дээх ОО 11 кыл. 3 м. — Тутукарова Алгыстана, Дьокуускай, 2 №-дээх нац. политехническэй ОО, 11 кыл., 3 м. — Ермолаева Арина, Хаҥалас, Хачыкаат, 9 кыл.
«Өксөкүлээҕи туойабын» анабыл хоһоон түһүлгэтэ
1 м. — Дорофеев Рудольф, Бүлүү, 2 №-дээх ОО 7 кыл., Окоемов Герман, Бүлүү, Кыргыдай, 10 кыл., 2 м. — Малышев Толя, Чычымах, 8 кыл., Герасимов Саша, Таатта, лиссиэй, 7 кыл., Гаврильев Миша, Бүлүү, 2-с Күүлэт, 10 кыл., Охлопкова Ангелина, Дьохсоҕон, 8 кыл., Николаев Күндүл, Бүлүү, 2-с Күүлэт, 10 кыл. 3 м. — Ефимова Ксения, Абый, Муҥурдаах, 10 кыл., Иванов Вячеслав, Адамов Айынаат, Бүлүү, 2 №-дээх ОО 7 кыл., Попов Айтал, Дьохсоҕон 10 кыл., 3м. Иванова Снежана, Дьохсоҕон, 11 кыл.
“Кэскиллээх суруйааччы” анал аат Охотина Динара, Чычымах, 8 кыл.
Учууталларга:
1 м. — А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй “УМСУЛҔАН” бөлөх “Өксөкүлээх Өлөксөйгө” үлэтинэн.
2 м. — Сивцева М. В. Дьохсоҕон, “Өксөкүлээҕи туойабын” үлэтинэн.
«Хомоҕой хоһоонньут» — улуу бэйиэт хоһооннорун ааҕыы күрэһигэр:
1 м. — Канаев Афоня, Таатта, лиссиэй 8 кыл. 2 м. — Кожин Олег, Баатара, 10 кыл., Игнатьеаа Олеся, Дьокуускай, саха политехническэй лиссиэй, 5 кыл., Попова Нарыйаана, Мэҥэ Хаҥалас, Алтан, 11 кыл. 3 м. — Кириллин Айтал, Таатта, лиссиэй, 8 кыл., Дмитриев Айаал, Бүлүү, Хаҕыҥ, 8 кыл., Окоемов Тимур, Бүлүү, Кыргыдай, 6 кыл., Атласов Миша, Өймөкөөн, Төрүт, 6 кыл.,Платонова Маайа, Алтан, 6 кыл.
Бөлөҕүнэн ааҕыы:
1 м. — “Бэстээх кэскилэ”, Аллараа Бэстээх 2-с №-дээх ОО, 6, 8 кылааһын үөрэнээччилэрин бөлөҕө. 2 м. —Бобровская Вероника, Кырбасова Василина, Бүлүү, Кыргыдай, 10 кыл., Ытык Күөл 1 №-дээх ОО 5 кылаас бөлөҕө. 3 м. — Ытык Күөл 1 №-дээх ОО, 10 кылаас., Баайаҕа, 7, 8, 9 кылаас., Дьохсоҕон, 6 кылаас.
Муҥур кыайыылаахтары аны сайын Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын иһинэн культурнай көҕүлээһиннэри өйүүр Президент фондатын гранын ылбыт Өксөкүлээххэ аналлаах Оҕо ыһыаҕар күүтэбит. Бары кыттааччыларга барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инники үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиини баҕарабыт!
Михаил Ефимович Николаев: «…Өксөкүлээх баараҕай нэһилиэстибэтэ норуокка киэҥник тиэрдиллиэҕэ, ону үөрэтэр-чинчийэр үлэ өссө кэҥиэ. Оччоҕуна норуотугар өҥөтө өссө үрдээн көстүөх, өссө дириҥээн арыллыах этэ,»— диэбитэ.
Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй — хайа да үйэҕэ өрүү инники угуйар-ыҥырар суолдьут сулуспут, өркөн өйбүт. Кини ийэ тылга, саха киһитигэр, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, муҥура суох таптал, кэскили тэрийии бастыҥ холобура буоларын өйдүүбүт уонна ону олоххо киллэрэргэ дьулуһабыт.
Бэҕэһээ Таатта улууһун үрдүнэн “Сыл бастыҥ оскуолата” үрдүк ааты ылан үөрдүбүт, бу кыайыыбыт үгүскэ эбээһинэстиир, инники хорутуулаах үлэбитигэр кынаттыыр.
Мария СИВЦЕВА, Дьохсоҕон.