Балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги республикабытыгар суударыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыта. Бу дьаһал олоххо киириитэ саха норуотугар улахан суолталаах. Киэн туттар дьоммут үгүс үлэни ыыппыттара, элбэх сыраны уурбуттара, сайдыы суолун аспыттара. Оннук киһинэн, биирдэстэриттэн саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, суруйааччы, уопсастыбаннай деятель Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Бүгүн, Алексей Елисеевич Кулаковскай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтө уурулунна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ, СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников, Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймахха кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Николаевна Атласова, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Владимирович Аржаков, Алексей Елисеевич Кулаковскай Сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская эҕэрдэ тылын эттилэр. Ону тэҥэ, Дьокуускай куорат 3 нүөмэрдээх оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Өрөспүүбүлүкэбит аны 100 сылынан хайдах буолуохтааҕын, патриотизм туһунан санааларын эттилэр.
Захаров Андрей, VIII “а” кылаас: Бүгүҥҥү күн олус суолталаах. Ол курдук, балаҕан ыйын 27 күнэ Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнэ. Манна элбэх кылааты уурбут улуу киһибит, суруйааччы, философ, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай буолар. Биһиги Өрөспүүбүлүкэбит хас күн аайы сайда турар, оттон аны 100 сылынан элбэх сыалы-соругу ситиһиэ, үүнүө-сайдыа. Патриотизм диэн мин санаабар, хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтаах. Киһи төрөөбүт дойдутун таптыы, харыстыы, сыаналыы улаатыахтаах!
Засимова Вика, VIII “г” кылаас: Аны 100 сылынан Сахабыт сирэ өссө сайдыылаах, культурнай, аныгылыы буолуон баҕарабын. Мин санаабар, элбэх кэрэ тутуулар, сынньанар сирдэр, цифровой технология баар буолуоҕа. Патриотизм диэн дойдуга таптал уонна бэриниилээх буолуу.
Кутукова Нарыйа, VIII “а” кылаас: Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ Сахам сирин дьонугар ситиһиини, Өрөспүүбүлүкэбэр сайдыыны баҕарабын. Биһиги кылаас бу тэрээһини көрдүбүт, Алексей Кулаковскай Кулаковскайга сибэкки дьөрбөтүн уурдубут, өссө элбэҕи биллибит. Сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская баҕа санааларын, этиитин иһиттибит. Аны 100 сылынан биһиги республикабыт эмиэ киэн туттар, холобур оҥостор дьоннонуо. Өрөспүүбүлүкэм инникитин кэскиллээх, сырдык, инникилээх буолуон баҕарабын!