Быйыл Крым уонна Севостополь Россияҕа холбоспуттара 10 сыла.
2014 с. кулун тутар 16 күнүгэр Крым уонна Севостополь куоракка референдум түмүгүнэн өрөспүүблүкэ 97% куоластааччыта уонна 98.6% куорат олохтоохторо Россия кэккэтигэр киириэххэ диэн куоластаабыттара. Олохтоохтор быһаарыыныыларын кулун тутар 18 күнүгэр Москва куоракка Кремльга бигэргэппиттэрэ. Ол кэмтэн ыла, бу чаҕылхай сааскы күн Крым уонна Севостополь Россиялыын холбоспут үөрүүлээх күнүнэн биллэриллибитэ.
Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ дойду бэлиэ суолталаах историятыттан туора турбакка, оскуола дириэктэрин сүбэһитин Саргылана Прокопьевна Леонтьева көҕүлээһининэн, “10 сыл бииргэ” Бүтүн Россиятааҕы II акцияҕа кыттыыны ыллыбыт.
Оҕолор элбэх буолан мустан 10 сыыппараны таһааран, бүтүн Россия оҕолорун кытта биир сомоҕо, биир күүс буоларбытын көрдөрбүппүт.
“Түннүккэ сандал саас” бу акцияҕа “Севостопольская роспись” техниканы оскуола оҕолоро кылаастарын түннүктэрин бэйэлэрин көрүүлэринэн киэргэтэн, хаартыскаҕа түһэрэн кыттыыны ыллыбыт.
Бу анаммыт күн сыалын ситэрэн, оскуолабыт “Оҕо саас – сандал саас» оскуолабыт кэнсиэригэр “Я, ты, он, она” үнкүүнэн кытынныбыт. Онон бу бэлиэ күнү өйбүтүгэр-санаабытыгар хатанар гына сэргэхтик, үөрэн-көтөн атаарбыт.
Бу тэрээһин миэхэ туох санааны хаалларда? Ханнык баҕар киһи ханна төрөөбүтүттэн тутулуга суох, дойдутун таптыахтаах.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы