Балаҕан ыйын 19 күнүгэр күнүгэр биһиги оскуолабытыгар эти-сиини чэбдигирдэр, физкультуранан дьарыктаныыга сыһыарар, чөл олоҕу көҕүлүүр сыаллаах бүтүн Россиятааҕы «Кросс наций» сүүрүү күнэ ыытылынна.
Кросска алын кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, учууталларга тиийэ кыттыыны ыллылар. «КРОСС НАЦИЙ» тэҥэ, үгэс буолбут эстафета ыытылынна. Оскуола оҕолоро саастарынан биэс бөлөххө арахсан, 4 кыыс, 4 уол буолан хамаанда туруоран күрэхтэстилэр. Эстафета түмүгүнэн 1-2 кылаастарга I миэстэ 2Б кылаас, II миэстэ 2А кылаас, III миэстэ 1Б, 3-4 кылаастарга I миэстэ 4Б кылаас, II миэстэ 4А кылаас, III миэстэ 3А кылаас, 5-6 кылаастарга I миэстэ 6Б кылаас, II миэстэ 5Б кылаас, III миэстэ 5А кылаас, 7-8 кылаастарга I миэстэ 8Б кылаас, II миэстэ 8А кылаас, 7А миэстэ кылаас, 9 кылаастарга I миэстэ 9А кылаас, II миэстэ 9А буолан, үөрэн-көтөн күрэхтэhиини түмүктээтилэр.
Бука бары «КРОСС НАЦИЙ-2023» сүүрүүгэ кыттыбыт оҕолору үөрэнээччилэри, учууталлары бэйэ доруобуйатыгар кыайыыларынан, спортка ситиhиилэринэн итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит, сүүрүү аргыстаах сылдьалларыгар баҕарабыт. Сүүрүү туһатын туһунан бүгүҥҥү ыстатыйабыт түмүгэр санатабыт.
Учуонайдар быһаарбыттарынан, наар сүүрэр дьон сүрэхтэрин, тыҥаларын үлэлэрэ сайдар. Ону таһынан, киһи быччыҥын дьарыктыыр. Сүүрэр киһи быдан тулуурдаах буолар, онон, сүүрбэт киһитээҕэр олох очурдарын чэпчэкитик аһарыан сөп эбит. Сүүрүү өссө биир үчүгэйэ диэн, успуорт көрүҥнэриттэн саамай табыгастаах. Кроссовкаҕын кэттиҥ да, бэйэҥ киэнэ, хайа диэки көрбүккүнэн сүүрэ тураҕын.
Оллонова Нарыяна, Сивцева Николина,
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ