Мин Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Төрөөбүт дойдум олоҕо-дьаһаҕа миигин олус интириэһиргэтэр, ол иһин нэһилиэгим баһылыгын Краснослав Григорьевич Бухоловы кытары көрсөммүн интервью ыларга сананным.
КЫЛГАС СПРАВКА:
Ахсынньы ый туругунан Чаппанда нэһилиэгэр 712 киһи олорор, онтон 347 — эр киһи, 367 — дьахтар, 18-дылы саастаах оҕо ахсаана — 120. Нэһилиэкпитигэр оскуола оҕотун уопсай ахсаана — 75, оҕо уһуйааныгар — 50, сэрии оҕолоро — 14, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон — 42.
— Үтүө күнүнэн, Краснослав Григорьевич! Бэйэҕитин кылгастык билиһиннэриэххит дуу?
— Мин 1981 сыллаахха Ньурба оройуонун Чаппанда нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Бу нэһилиэккэ оскуоланы бүтэрбитим, онтон үөрэнэн бараммын, төрөөбүт нэһилиэкпэр кэлэммин, 2005 сыллаахтан үлэлии сылдьабын. Билигин иккис болдьохпор Чаппанда нэһилиэгин баһылыгынан үлэлиибин.
— Биһиги нэһилиэкпит саамай чаҕылхай чахчыларын туһунан быһа тардан кэпсиэххит дуо?
— Биһи Чаппандабыт киэҥ историялаах нэһилиэк буолар. Уруккута Бэстээх уонна Омолдоон нэһилиэктэр холбоһоннор, бу билигин Чаппанда нэһилиэгэ диэн ааттанабыт. Биһиги төрдүбүт-ууспут улуу Омолдоонтон уонна Бэстээхтэн төрүттээхпит. Улуу Ньурбакаан сиэннэрэ буолаллар, онон биһи төрүт Ньурбаларбыт! Омолдоон, Бэстээх, Ньурбакаан сиэннэрэбит диэн этиэхпитин сөп. Чаппанда Ньурба киинигэр турар, Ньурба куораттан 24 км тэйиччи. Уонна Ньурба улууһун оруобуна ортотунан икки аҥыы хайытар диэххэ сөп. Ортотугар биһиги киэҥ нэлэмэн улахан сыһыылардаахпыт. Нэһилиэкпитигэр билиҥҥи туругунан 700-тэн тахса киһи олорор. Сүрүннээн ынах-сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыгырабыт. Нэһилиэкпитигэр 1200 сылгы баар, 800 кэриҥэ ынах-сүөһү баар, ходуһаларбыт үксэ барыта мелиоративнай систиэмэҕэ киирэллэр, инньэ гынан оттуур сирбит баар уонна мелиорациялаах буолан хайдахтаах да дьылларга биһиги бэйэбитигэр тиийэр оту булунабыт.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр сытыытык турар туох кыһалҕа баарый? Ону туоратарга туох үлэлэр бара туралларый?
— Нэһилиэк баһылыгынан 6 сыл улэлиирим тухары кэккэ боппуруостары син быһааран кэллибит, бу кэлиҥҥи сылларга биһиэхэ нэһилиэкпитигэр балай да элбэх тутуу буолла, ол курдук «Учебный центр для работников сельского хозяйства», «Убойный цех» тутуллубута, эт переработкатын сыаҕа оҥоһуллубута уонна биһиги нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ, оҕолоро өр да кэтэспит объекпыт — оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. 100 уонна 50 миэстэлээх, инньэ гынан биһи нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ сүрдээҕин үөрэр, бу иннинээҕи оскуолабыт олус эргэ уонна тымныы этэ, мас тутуулаах буолан, билигин оҕолорбут сырдык, сылаас оскуолаҕа үөрэнэллэр уонна оҕо саадыгар сылдьаллар. Биһиги нэһилиэкпит Чаппанда диэн улахан эбэ кытыытыгар турар, нэһилиэкпит кытыытынан улахан өрүстэр ааспаттар, инньэ гынан биһиги сытыы боппуруоспутунан уу боппуруоһа буолар. Ол курдук бу кэккэ сылларга эбэбит уута кураан дьылларга түспүтэ, нэһилиэнньэни уунан хааччыйарга диэн кычымаҕайдар үөскүү сылдьыбыттара. Билигин водопровод тардыллыбыта эрээри, бу эбэбит уута намыһах буолан, үлэлэппэккэ турабыт. Водопроводпутун биһиги саҥардыахпытын баҕарабыт, хас биирдии ыал тиэргэнигэр водопровод линиятын киллэриэхпитин олус баҕарабыт, ол гынан баран бу боппуруоспут үптэн-харчыттан сылтаан иҥнэн турар, кэлэр сылларга бу боппуруоһу быһаара сатыахтаахпыт. Кэлиҥҥи сылларга турбут ыарахан боппуруоспутун быһаарыа этибит диэн эрэллээхпит.
Салгыы баһылыктыын сэһэргэһиини видеоҕа көрүҥ:
Дайаана ТИХОНОВА,
Чаппанда орто оскуолатын медиа-киинин кэрэспэндьиэнэ.