I Наахара нэһилиэгэр олохтоох дьиэ коммунальнай хаһаайыстыба Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалыгар 2017 сылга саҥа котельнай тутуллан бөһүөлэк бары социальнай объектарын, ону таһынан чааһынай дьиэлэри сылытан турар.
Котельнай суоҕа эбитэ буоллар, кыһыҥҥы томороон тымныыларга объектарбыт сылыйбакка, оҕолор үөрэнэр, оҕо саадыгар сылдьар, олохтоохтор ФАП-ка көрдөрүнэр, кулууп, администрация дьиэлэрэ тоҥон, үлэ-үөрэх тохтоон, онтон да атын үлэ үлэлэнэрэ ыарахаттардаах буолуо этэ.
Бу объектар куруук сылаас туралларыгар түүннэри-күнүстэри ОдьКХ үлэһиттэрэ үлэлииллэр-хамсыыллар. Онон котельнай үлэтэ сүҥкэн улахан суолталаах дии саныыбын.
Бу үлэни кытта ыкса билсээри ОДьКХ салайааччытын Иван Иванович Иванову кытта кэпсэттим, котельнай үлэтин туһунан кылгастык сырдатарыгар көрдөстүм:
Котельнай 2017 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Нэһилиэнньэ аҥаарын, ол эбэтэр 65 чааһынай дьиэни, 7 социальнай объектары сылытар. Котельнай иһигэр түөрт оһох баар, олортон үс оһох отопительнай сезоҥҥа куруук оттуллар, биир оһох резервнэй буолар. Сылга 2400 тонна чоҕу туһанабыт.
Оттук сезона хайдах баран иһэрин, туох өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбытын, чох хантан тиэллэн кэлэрин, хас үлэһит баарын туһунан И.И. Иванов эмиэ кэпсээтэ:
Оттук сезона этэҥҥэ баран иһэр, ремонт программатынан биир оһох уларыйбыта уонна бытархай ремоннар эмиэ барбыттара. Чоҕу дуогабарынан «Сахаспецтранс» тэрилтэ Кангаласстан массыынанан тиэйэр. Үлэһиттэр бары олохтоох эдэр ыччаттар. Барыта 13 үлэһит баар, ол иһигэр 8 кочегар, электрик, дизелист, слесарьдар.
Ол курдук, котельнай үлэтин сиһилии билсэн бу үлэ олус ыарахан уонна эппиэтинэстээх эбит дии санаатым. Нэһилиэк дьоно итиигэ, үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэнэллэрин-үлэлииллэрин туһугар дьон кыһаллар, үлэлиир-хамсыыр.
Эрчим Денисов, VIII кылаас,
«Хомпу» медиакиин корреспондена.
А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас.