Ньурба Маалыкайын оскуолатын бүтэрбит Василий Семенов Москватааҕы авиационнай институт ракета двигателин кафедратын профессора, наука доктора буолар.
Космос хараабылын двигателин тупсарааччы (Космонавтика күнүгэр)
Космонавтика күнүнэн сибээстээн, таайым Василий Васильевич Семёнов туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини космонавтиканы кытта быһаччы сибээстээх, сахалартан биир сэдэх идэни баһылаабыт киһи буолар.
Баһылай сэрии бүтэн эрдэҕинэ, 1944 с. Ньурба оройуонун Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына биирдэ, Баһылайтан учуутала ханнык идэни баһылыан баҕарарын ыйыппыта. Уол … авиатор эбэтэр космонавт буолар санаалааҕын этэн, учууталын сөхтөрбүтэ. Хомойуох иһин, учуутала бу ыра санаа … тыа оҕотугар кыаллыбат суол буоларын ыйбыта. Ол эрээри, Василий Семёнов сырдык ыратын олоххо киллэрэргэ бигэ эрэллээхтик дьулуспута.
Маалыкай орто оскуолатын бүтэрэн баран, ытык иэһин толорон, армияҕа сулууспалаабыта. Армия кэнниттэн Маалыкай бөһүөлэгин электростанциятыгар дизелистээбитэ. Онно үлэлиир кэмигэр авиационнай институкка туттарсан киирэргэ бэлэмнэнэн, алгебраны, тригонометрияны, үрдүкү математиканы үөрэппитэ.
Ардыгар, симиэнэтин кэмигэр, түүн ортото учууталыгар Николай Никифоровичка тиийэн, тоҥсуйан уһугуннаран баран, ыарырҕаппыт тиэмэтин быһааран биэрэригэр көрдөһөрө. Учуутала Иванов Н. Н. лоп-бааччы быһааран биэрэрэ. Иһигэр үөрэнээччитэ институт бастакы кууруһун бырагырааматын бэйэтэ үөрэтэн ыраатыннарбытын сөҕө саныыра.
Эһиил сайыныгар, 1968 сыллаахха, Василий Семёнов Москубаҕа авиационнай институкка туттарсыбыта. Эксээмэн тутар хамыыһыйа чилиэннэрэ дойду улаҕатыттан, ыраах Саха сириттэн кэлбит абитуриент чиҥ билиитин сөхпүттэрэ. Уол үрдүк куонкуруһу ааһан, устудьуон буолбута.
Биир сайын дойдутугар Малдьаҕарга сынньана, ахтылҕанын таһаара кэлбитэ. Онно көрсөн, биир киэһэ таайбын кытта үлэ, үөрэх туһунан кэпсэппиппит. Миэхэ, сэттис кылааһы бүтэрбит уолга, бэркэ кичэйэн, иллэҥ кэмин туһата суох атаарар, таансыны, көрү-нары батыһар киһи ыраах ыырдамматын, ол оннугар элбэҕи ааҕар, бэйэтэ сайдарын туһугар кыһаллан, ахсаабакка дьарыктанар киһи туруоруммут сыалын ситиһэрин быһаарбыта.
Баһылай эһэбэр Хабаанньа Баһылайга космонавт буолар баҕалааҕын кэпсээбитэ. Эһэбит ону букатын утарбыта, «куттала бэрт» диэбитэ. Василий Васильевич космонавт буолуон сөп этэ. Хараҕынан, миопиялаах диэн, сыыйыллыбыт курдук өйдүүбүн. Институту бүтэрэн, инженер-механик идэтин ылбыта.
Дьоҕурдаах эдэр киһини үөрэҕин кэнниттэн Москваҕа үөрэммит институтугар ракета двигателин кафедратыгар хаалларбыттара. Василий Семенов итинтэн ыла модун кыахтаах ракета двигателин үлэтин тупсарыыга олоҕун анаабыта.
Сыралаах чинчийэр үлэтин түмүгэр бастаан техническэй билим хандьытаата, онтон дуоктара буолбута. 2001 сыллаахха докторскай диссертациятыгар ракета двигателин үлэтин лаппа тупсарар ньыманы айбытын дакаастаабыта.
МАИ профессора Семенов Василий Васильевич аан дойдутааҕы научнай кэмпириэнсийэлэргэ, кэнгириэстэргэ кыттан, Европа элитнэй университеттарыгар ыҥырыллан лекция ааҕан, дойдубутугар наука сайда турарын, Россия космонавтиката кэнэҕэс да кэрэ кэскиллээҕин көрдөрөр, бэйэтин дириҥ билиититтэн, уопуттан кэллиэгэлэрин кытта үллэстэр.
Ааптар: Максим Ксенофонтов, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.