Быйыл космонавтика күнүн Өктөмҥө Билим дьоҕус академиятыгар көрүстүм. “Кэскил” медиа-ракета” сменаҕа үөрэнэ сылдьабын. Манна космос куйаарын сэргиир, сэҥээрэр оҕолорго “КосмоМАНиЯ” смената ыытылла турар.
Биһиги Өктөмҥө Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев киинигэр сылдьыбыппыт. Онно Михаил Ефимович Николаев улахан баҕа санааларыттан биирдэстэрэ — «Саха сириттэн космонавт баар буоллун» диэн эбит.
XXI үйэҕэ космос кистэлэҥнээх эйгэтигэр саха хомуһун тыаһа иһиллибитэ, улуу суруйааччыбыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” диэн айымньыта космос куйаарыгар тиийбитэ. Ону барытын олоххо киллэрбит, космоһы Саха сирин кытта сибээстээбит киһинэн Олег Кононенко диэн космонавт буолар. Бу туһунан биһиэхэ Николаев киинин үлэһитэ Лилия Александровна Кычкина олус интэриэһинэйдик кэпсээбитэ.
2011 сыллаахха Олег Кононенко космоска көтөрүгэр саха хомуһун илдьэ барбыт. Ол хомуһу норуот маастара Реворий Чомчоев-Чомчо Уус оҥорбут. Олег Кононенко хомуска оонньуурга үөрэммит, оннооҕор коллегаларыгар кэнсиэр оҥорор эбит. 2016 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” диэн хоһоонун космоска аахпыт. Онуоха анаан кып-кыра кинигэни оҥорон биэрбиттэр.
Бүгүн биһиги дьиэ кэргэн Россия биллэр космонавта Олег Кононенконы кытта түспүт хаартыскабытын көрдүбүт. Космонавт 2016 сыллаахха Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ кэлэ сырыттаҕына түспүппүт. Мин манна сэттэ саастаахпын. Бүгүн космонавты кытта түспүт хаартыскабын көрөн баран, “биллиилээх да киһини кытта түспүт эбиппин” диэн санаа үөскээтэ.
Харысхан АНДРЕЕВ, VII кылаас, Тааһаҕар орто оскуолата, Бүлүү.