Өрөспүүбүлүкэ 2018 с. сүрүн тэрээһиннэрин былааныгар сөп түбэһиннэрэн, СӨ Бырабыыталыстыбатын 2017 с. ахсынньы 29 күнүгэр бигэргэммит 1669 №-дээх дьаһалынан бу дьыл ахсынньы 9 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ коррупцияны утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. РФ Президенин 2018 с. бэс ыйын 29 күнүнээҕи Ыйааҕынан 2018-2020 сс. Обществоҕа корррупцияны утары хамсааһыннары тэрийэр сорук – Национальнай былааннартан биирдэстэрэ.
СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир коррупция хабааннаах уонна да атын быраабы кэһиини сэрэтэр управление «Коррупцияны утары охсуһуу – хас биирдии киһи эбээһинэһэ» диэн уруһуй куонкуруһун биллэрэр.
Тэрийээччилэр: СӨ Үөрэҕин, наукатын министиэристибэтэ, СӨ Атыы-эргиэн промышленнай палататын иһинэн үлэлиир эргиэн-урбаан эйгэтигэр куттал суох буолуутун уонна коррупцияны утарар политика кэмитиэтэ, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар эрэдээксийэтэ.
Куонкурус сыала-соруга: гражданскай общество кыттыылаахтара коррупцияны уонна коррупция көстүүлэрин сэрэтэр, саралыыр сыһыаннарын уһугуннарыы.
Кыттааччылар: 14-тэн үөһэ саастаах оҕолор.
Үлэ көрүҥнэрэ: былакаат, аккырыыкка. Сахалыы биитэр нууччалыы тылынан кыттар көҥүллэнэр.
Кыттааччы 10-тан элбэҕэ суох үлэни биирдэ эрэ ыытар. Хаста эмэ төхтүрүйэн ыытар, көннөрөр бобуулаах.
Үлэлэри ugpk@sakha.gov.ru электроннай почтаҕа биитэр 677027, Дьокуускай куорат, Киров уулуссатын 18-һа, «Б» блокка, 4-с мэндиэмэҥҥэ ахсынньы 6 күнүгэр диэри ыытаҕыт.
Хас биирдии кыттааччы аатын, аҕатын аатын, араспаанньатын, сааһын, ханна олорорун, үөрэнэрин толору суруйан, төлөпүөнүн, электроннай почтатын ыйан ыытар. Ону сэргэ «Мин …(аатыҥ-суолуҥ суруллар) бэйэм баҕабынан «Коррупцияны утары охсуһуу – хас биирдии киһи эбээһинэһэ» куонкуруска кыттабын» диэн илии баттааһыннаах суругу чыыһыланы ыйан туран суруйар.
Үлэлэргэ техническэй ирдэбиллэр:
Файлларга: JPEG, А3 формакка сөп түбэһиннэрэн (297х420 mm), 300 dpi, биир файл 15 Mb улаатыа суохтаах.
Уруһуй халыыба: А4 кырата суох, А3 улахана суох буолуохтаах. Харандаас, гуашь, акварель, пастель көҥүллэнэр, маслянай, акриловай кыраасканы туһаныахха сөп.
Куонкуруска киирэр үлэлэр РФ федеральнай сокуонун утарыа суохтаахтар, Гражданскай кодекс нуормаларын кэспэт буолуохтаахтар. Быдьар тыл-өс, мөкү ис хоһоонноох тиэкис суох буолуохтаах.
Куонкуруһу сүрүн тэрийээччи сайтыгар киирбит үлэлэри таһаара туруоҕа.
Кыайбыт, биһирэммит үлэлэр https://ugpk.sakha.gov.ru сайтка тахсыахтара.