Алтынньы 19-20 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт киинигэр Саха АССР үтүөлээх учуутала, АССР, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тренера Дмитрий Петрович Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы XV турнир буолан ааста.
Бары билэрбит курдук, Дмитрий Петрович Коркин — улуу киһи. Кини Саха сирин араас муннуктарыттан элбэх баҕалаах оҕолору хомуйан дьарыктыыр этэ. Кыайыыга дьулуурунан, сыралаах үлэнэн Олимпиада чыпчаалыгар тиийиэххэ сөбүн барыларыгар дакаастаабыта.
Кини үтүө аата үйэтитиллэн, сыралаах үлэтэ сыаналаныахтааҕын сыаналанан турнир тиһэҕин быспакка, номнуо уон бэһис төгүлүн ыытыллар. Манна Аан дойду ааттаахтара, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успорт маастардара, Олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара кэлэн күрэхтэһэллэр. Бу көннөрү күрэхтэһии эрэ буолбакка, аҥаардас тустуу бырааһынньыга буолар. Ол туоһута — толору саала.
Көрөөччүлэр икки күн устата сылын ахсын сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри бэйэлэрин бөҕөстөрүгэр ыалдьаллар. Кинилэр санааларын истиэҕиҥ.
Валентин Иванов: — Дьокуускай куоракка көһөн кэлбитим икки сыл буолла.Тустууну олох эрдэттэн сэҥээрэн көрөбүн, Коркин турнирыгар иккис күммүн олоробун. Саамай биһиги уолаттарбытыгар Лев Павловка уонна Виктор Рассадиҥҥа ыалдьабын. Турнир тэриллиитэ үчүгэй, ол эрэн тохтобул уһун буолан кэтэһэ олоробут. Саха тустууктарыгар баҕарыам этэ улуу убайдарбытыттан холобур ылан ситиһиилээх буолалларын уонна чаҕылхай тустууну кэтэһэбит, кыайыахтара диэн эрэнэбит. Тэрийээччилэргэ, спортсменнарга махтал!
Михаил Неустроев: — Дьокуускайга олоробун, онон хас сылын аайы икки күнү көтүппэккэ доҕотторбунаан түөрт буолан сылдьабыт. Сылтан сыл тэрээһин тупсан иһэр, ону киһи көрөн астынар, дууһатынан кэлэн сынньанар. Аан дойдуга биллэр бөҕөстөр кэлэн тусталлара көрөөччүлэри үөрдэр. Ону кытта Дмитрий Петрович Коркин курдук улуу киһибитин үйэтитэн киинэ таһаараллара олус кэрэхсэбиллээх, киинэни бары хайҕыыллар, оннооҕор олимпиецтарбыт урукку кэми санатта дииллэр. Ити барыта бу тэрээһиҥҥэ киирэр буоллаҕа. Тэрийээчччилэрбит тустууну эрэ буолбакка успуорт хайа баҕарар көрүҥүн үрдүк таһымҥа тэрийэргэ дьулуһаллар, үрдүнэн-аннынан буолбатах, хаачыстыбаҕа үлэлииллэр, ити наһаа үчүгэй. Биллэн турар, сахабыт уолаттарыгар ыалдьабыт, ол эрэн атын да дойдуларга эмиэ. Мин, холобура, бүгүн Улукбек Жолдошбеко диэн Кыргызстан бөҕөһүгэр ыалдьыбытым, кини урукку тустуутун көрүөхпүн баҕарбытым да көрдөрбөтө. Уопсайынан тэрийээччилэргэ улахан махтал.
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх күрэхтэһии икки күн устата үс көбүөрүнэн өрө күүрүүлээх хапсыһыылардаах, толору көрөөччүлэрдээх, ыһыылаах-хаһыылаах ыытылынна. Турнирга уопсайа 13 дойдуттан 190 кыттааччы 10 ыйааһыҥҥа кииристилэр.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн 20 саха бөҕөстөрө финалга тахсыы иһин киирсиилэргэ киирбиттэрэ, олортон финалга 3 саха тахсан, 2 уолбут маҥнайгы миэстэни ыллылар.
57 киилэҕэ: 1. Лев Павлов — РС (Я) ,2. Мунх-Эрдэнэ Батхуяг — Монголия, 3. Ондар Аяндай, Кежик Седен — Тыва;
61 киилэ: 1. Александр Авелов — РС (Я), 2. Тувшинтулга Туменбилег — Монголия, 3. Баир Баяндуев — Бурятия, Яков Павлов — Оренбургскай уобалас;
65 киилэ: 1. Абасгаджи Магомедов — Дагестан, 2. Чаян Монгуш — Иркутская область, 3. Улукбек Жолдошбеко — Кыргызстан, Виктор Жербаев — Бурятия;
70 киилэ: 1. Евгений Жербаев — Бурятия, 2. Константин Капрынов — РС (Я), 3. Сайын Казырык-Тыва, Эрназар Акматалиев — Кыргызстан;
74 киилэ: 1. Виктор Рассадин — Таджикистан, 2. Александр Балтуев — Бурятия, 3. Тамир Ешинимаев — Бурятия, Али Карампур — Иран;
79 киилэ: 1. Ахмед Усманов — Дагестан, 2. Дмитрий Куприн — Кемерово, 3. Никита Сучков, Антон Сучков — Красноярскай;
86 киилэ: 1. Дмитрий Зайнидинов — Красноярск, 2. Азрет Улимбашев — Красноярск, 3. Баярсайхан Бади — Тыва, Андриан Ленский — РС (Я);
92 киилэ: 1. Мухаммед-Тахир Ханиев — Дагестан, 2. Константин Пшеничников — Кемерово, 3. Гаджимагомед Тажудинов — Дагестан,Ньургун Сергин — РС (Я);
97 киилэ: 1. Магомед Курбанов — Дагестан, 2. Егор Бельских — Воронеж, 3. Александр Гуштын — Беларусь, Максим Толмачев — Красноярск;
125 киилэҕэ: 1. Шамиль Мусаев — Дагестан, 2. Остап Пасенок — Кемерово, 3. Никита Хабаров — РС (Я).
Онон Саха сирэ — 2 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ көмүс, 3 боруонса мэтээллэрдээх турниры түмүктээтэ.
Дагестан — 5 кыһыл көмүс, 1 боруонса.
Бурятия — 1 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ көмүс, 2 боруонса.
Кемеровскай уобалас, Кыргызстан Монголия — 2-лии үрүҥ көмүс. Красноярскай уобалас — 3 боруонса. Уоннааҕылар биирдии.
Бүгүҥҥү туругунан Виктор Рассадин турнир рекордсменынан хаалла, кини аатыгар сэттэ кыайыы. Ол кэнниттэн Бурятияттан Евгений Жербаев алта кыайыылаах.
Күрэхтэһии түмүгүнэн «Бастыҥ бөҕөс» аат хаһаайынынан Коркин турнирын икки төгүллээх кыайыылааҕа Дагестантан Абасгаджи Магомедов буолла уонна үрүҥ көмүс борцовка статуэткатынан наҕараадаланна.
Ону тэҥэ киирии билиэтинэн сыаналаах бириистэр оонньоммуттара. Чахчы даҕаны, тэрээһин таһыма улахан. Мин саныахпар, Арассыыйаҕа маннык өрө күүрүүлээх, хас биирдии бөҕөскө ыһыытаан-хаһыытаан биэрэр истиҥ трибуналардаах күрэхтэһии Саха сириттэн ураты ханна да суоҕа буолуо.
Тэрийээччилэргэ,бары үлэһиттэргэ, суруналыыстарга, спортсменнарга умнуллубат күннэр иһин махтал! Бу барыта история буоллаҕа, аныгыс сылга көрсүөххэ диэри!
Анжелина ЖДАНОВА, ХИФУ ИЯКН СВ РФ устудьуона.
keskil14.ru