Оскуолабытыгар ахсынньы ыйга Обществознание нэдиэлэтэ ыытылла турар. Нэдиэлэ чэрчитинэн «Конституцияны төһө билэҕин» диэн улахан кылаас оҕолоругар өй-билии күрэҕэ ыытылынна.
Бу оонньуу киин телевидениеҕа ыытыллар «Своя игра» оонньуу көрүҥүнэн буолла. Хамаандаҕа 5 оонньооччу баар. Хамаандалар остуолга бэйэ-бэйэттэн тэйиччи олороннор тэҥҥэ оонньууллар. Хас оонньуу иннинэ боппуруостарын жеребьевканан уонна боппуруос сыанатын талаллар.
Күрэх 5 тиэмэни уонна 4 араас боппуруостары хабан, барыта 20 боппуруостаах. Боппруруос экраҥҥа көстөр уонна 30 сөкүүндэттэн 3 мүнүүтэҕэ диэри кэм бэриллэр, салгыы эппиэт. Өскөтүн эппиэт сөп буоллаҕына, хамаанда боппуруос сыанатынан очко ылар. Өрүү буоларын курдук, элбэх очколаах хамаанда кыайар.
Өй-билии күрэҕин түмүгэ:
1 миэстэ – 10 кылаастар,
2 миэстэ — 11 кылаастар,
3 миэстэ — 9 кылаастар буоллулар.
Оҕолор маннык күрэҕи сөбүлээтилэр. Атын да тиэмэлэргэ ыытарга формата ордук диэн санааларын эттилэр.
Юра ПАВЛОВ, 10 кылаас үөрэнээччитэ, «Кустук» медиастудия, Хаптаҕай оскуолатын лидера.