Ньурбаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтэээҕи «Төрүччү» конференциятыгар мин «Мин төрдүм-ууһум уһун үйэлээх дьоно» дакылаатынан кытынным. Үлэбин учууталым Валентина Захаровна Иванова салайбыта. Мин бу чинчийэр үлэбин оҥороору бастакыбын төрүччүбүн үөрэттим.
Биһиги төрдүбүт I Боотулууга сыылкаҕа кэлэн олохсуйбут Викентий Роймундович Скаржинский диэн элбэх оҕолоох поляк киһитэ эбит. Ол оҕолоро Бүлүү Тылгынытыгар олохсуйбуттар, кинилэртэн элбэх бааһынай хааннаах дьон үөскээбиттэр эбит. Онон мин хос эдьиийим Балбаара кинилэртэн төрүттээх эбит. Балбаара кыыһа Евдокимова Елена Федоровна-Өлөөнө мин хаан-уруу кырдьаҕас эдьиийим буолар. Кини 102 сааһыгар диэри олорбута. Дьиҥэр, кини аҕатын араспаанньата Чуллургасов диэн эбит. Ону оскуолаҕа оҕолор «чуллур-чаллыр» диэн ыыстааннар, ытаан туран ииппит эһэтин араспаанньатыгар уларыттаран кэбиспит.
Өлөөнө иннинэ икки уол оҕо төрөөн ыалдьан олохтон төннүбүттэр. Ол иһин дьоно соҕотох оҕолорун Далырга таҥара дьиэтигэр сүрэхтэтэ илдьибиттэр. Аҕабыыт: «Өлбөт-сүппэт Өлөөнө диэн ааттаннын»,- диэбит.
Эдьиийим Өлөөнө 7 кылаас үөрэхтэммит, налоговай агенынан үлэлээбит, сэрии иннинэ ыал буолбут. Кэргэнэ 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт, сураҕа суох сүппүт эбит.
Эдьиийим оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыт. Сэрии кэмигэр 7-8 көстөөх сиргэ сатыы тиийэн атынан от мустарар, түүннэри-күнүстэри үлэлиир эбит. Кэлин ыал буолан, оҕолонон-урууланан, сынньалаҥҥа тахсыар диэри оҕо саадыгар үлэлээбит.
Үлэм түмүгэр, эдьиийим Өлөөнө дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, аһыныгас майгылаах, бэйэ төрүт аһын аһаан, куруук үлэни-хамнаһы өрө тутан олорбут буолан уһун үйэлээх буолбут эбит диэн түмүккэ кэллим. Кини эһэтэ Эҥиэттэй 106, аҕата Сүөдэркээн 90 саастарыгар дылы тиийбиттэр. Миэхэ төрүттэрим курдук үлэлээн-хамсаан, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, көмөлөһөн олорбут киһи диэн санаа үөскээтэ. Конференцияҕа кыттан, төрдүм-ууһум туһунан билиибин кэҥэттим, чинчийэр үлэбин салгыы оҥоруом дии саныыбын.
Ньургун Романов,
VI кылаас,
«Эрчим» медиа-киин
Дүллүкү орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү