- ЫБСЛКС диэн уһатыыта (расшифровката) туох диэний? (Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа)
- Комсомол хаһан тэриллибитэй, хас чилиэннээҕэй? (Россияҕа комсомол 1918 сыл алтынньы ый 29 күнүгэр оробуочай уонна үлэһит бааһынай ыччат Бүтүн Россиятааҕы I съеһинэн тэриллибитэ. Онон ити күн комсомол төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар. Ити бириэмэҕэ 22 тыһыынча 150 эрэ комсомол чилиэнэ баара).
- Комсомол бастакы аата? (РКСМ — Российский Коммунистический Союз Молодежи).
- Комсомол хаһан Ленинскэй диэн ааттаммытай? (1924 сыллаахха. В.И. Ленин өлбүтүн кэннэ).
- Комсомол ВЛКСМ, ЫБСЛКС диэн аббревиатурата бүтэһиктээхтик хаһан буолбутай? (Бары Союзнай Республикаларга комсомол тэриллэн, олору салайарга, сүрүннүүргэ 1926 сыллаахха Всесоюзный (Бүтүн Союзтааҕы) диэн ааттаммыта).
- Комсомол муҥутаан хаһан, хас чилиэннэнэ сылдьыбытай? (80-с сыллар саҥаларыгар 42 мөлүйүөнтэн тахса чилиэннэммитэ).
- Комсомол хас, ханнык, хаһан, туох иһин орденынан наҕараадаламмытай? (Комсомол барыта 6 орденнаах: 1928 сыл Кыһыл Знамя ордена — Гражданскай 1918-1922 сс.. сэриигэ бойобуой үтүөлэрин иһин. 1931 с. Үлэ Кыһыл Знамята орден — бастакы пятилеткаҕа охсуулаах, ситиһиилээх үлэтин иһин. 1945 с. Ленин ордена — Аҕа дойду 1941-1945 сс. сэриитигэр Кыайыыга кылаатын иһин. 1948 с. Ленин ордена — Комсомол 30 сылынан ыччаты уонна пионерияны иитиигэ кылаатын иһин. 1956 с. Ленин ордена — кырыс сирдэри баһылааһын уонна саҥа куораттары, бөһүөлэктэри тутуу иһин. 1968 с. Октябрьскай революция ордена — Комсомол 50 сылынан бары эйгэҕэ ситиһиилээх үлэтин иһин).
- Комсомол хаһан тохтообутай? (РФ Президенэ Б.Н. Ельцин ССКП уонна ЫБСЛКС үлэтин тохтотор туһунан Ыйааҕар олоҕуран, ЫБСЛКС 28.09.1991 с. ХХII суһал (чрезвычайнай) съеһиттэн ыла Ыччат Бүтүн Сюзтааҕы Ленинскэй Комсомольскай Союһа үлэтин тохтоторун биллэрбитэ).
- Саха сиригэр бастакы комсомольскай ячейкалар, тэрилтэлэр хаһан баар буолбуттарай? (1919-1920 сс.) Саха сирин комсомола хаһан тэриллибитэй? 1921 сыл муус устарга Дьокуускайга уобаластааҕы I комсомольскай съезд ыытыллыбыта. Онтон ааҕыллар).
- Комсомол саамай кэнники охсуулаах тутуутун аата, хас сыллардаахха тутуллубутай? (Байкал күөлтэн Амур өрүскэ диэри тимир суол тутуута – БАМ — Байкало-Амурская магистраль. 1974-1984 сс. тутуллубута, 38 тыһыынча ыччат комсомольскай путёвканан тиийэн үлэлээбитэ, саҥа бөһүөлэктэри тутан, онно олохсуйбуттара).
- Саха комсомолун икки кэнники охсуулаах тутуулара ханныктарый, хас сыллаахха этэй? (Бастакыта — 1981-1985 сс. Амма кырыс сирин баһылааһын, Амма, Чурапчы, Таатта оройуоннарыгар кырыс сирдэргэ 5 саҥа бөһүөлэк тутуллубутта. Иккис — 1986-1991 сс. Саха сиригэр БАМ салҕаан, Алдан оройуонугар тимир суолу туппуттара).
- Пионерия, комсомол, партия кимнээҕи салайар, иитэр этилэр? (Пионерия октябрятскай этэрээттэри салайара, октябреноктары иитэрэ. Комсомол пионерскай дружинаны, этэрээттэри салайара, пионердары иитэрэ. Партия комсомолу салайара, комсомолецтары иитэрэ).
- Октябренокка, пионерга, комсомолга хас саастарыгар ылалларай? (7-9 сааска диэри — октябренок, 9-14 — пионер, 14-28 – комсомол).
- Комсомолга киирэргэ ханнык докумуон ирдэнэрэй? (Райкомол I сэкирэтээрин аатыгар сайабылыанньа, икки комсомолецтан рекомендация, оскуола эбэтэр тэрилтэ салалтатыттан характеристика, уопсай комсомольскай мунньах уурааҕа уонна боротокуола).
- Комсомолга ханнык тэрилтэ ыларай? (Комсомол райкомун бюрота ылара. Ол иннинэ комсомольскай тэрилтэ уопсай мунньаҕар көрүллэр, куоластааһын түмүгүнэн комсомолга киирэрэ сөптөөҕүнэн ааҕыллар).
- Комсомол үлэ ресурсатыгар, үлэһит илиинэн хааччыйыыга туох оруоллааҕай? (Комсомольскай путёвкаларынан үлэһит илии тиийбэт сиригэр ыччаты үлэҕэ ыытара: совхозтарга, милииссийэҕэ, тутууларга, тэрилтэлэргэ. Маны таһынан комсомольскай путёвкаларынан орто, орто анал, үрдүк үөрэхтэр тэрилтэлэригэр үөрэттэрэ ыытара. Онон үлэ ресурсатын быһаччы салайсара).
- Комсомолец, оҕо суруйааччыта, Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэрин кыттыылааҕа кимий? Аркадий Гайдар (Голиков)
- Комсомолецтар тустарынан Н.А. Островскай ханнык романы суруйбутай? («Как закалялась сталь»).
- Өр кэмҥэ саха радиотынан бэриллибит ыччакка аналлаах биэрии? («Хотугу ыччат»).
- Комсомол бириэмийэтин бастакынан ханнык нуучча суруйааччыта ылбытай? (Николай Островскай «Как закалялась сталь» романын иһин).
- Бу ырыа тылларын ким суруйбутай: «Бары сир үрдүгэр күн буолан, күлүмнүүр Советскай дойдуга, сааскы күн сүүрүктүү кутуллар, комсомол бойобуой тойуга«? (С.Р. Кулачиков – Эллэй)
- Саха 17 комсомолеһа ханна, хайдах өлбүттэрэй? (Бүлүү Хохочой диэн сиригэр бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн).
- «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ырыаны кимнээх суруйбуттарай? ( И.Гоголев тыллара, А.Алексеев мелодията).
- Саха комсомолун бириэмийэтин бастакы лауреата кимий, туох иһин биэрбиттэрэй? (Суруйааччы Яковлев Семен Степанович- Эрилик Эристиин, «Маарыкчаан ыччаттара» романын иһин).
- Фёдор Лобанов комсомол туһунан аатырбыт ырыата? («Эн комсомол — мин дьолум!»).
- Комсомол үрдүкү органа? (Комсомол съеһэ).
- Комсомольскай кэмитиэт чилиэннэрин эбээһинэс үллэстиилэрэ хайдах этэй? (Сэкирэтээр, казначей, культурнай сектор, спортивнай сектор, производственнай сектор)
- Комсомол Устаабыгар “демократическай централизм” диэн тугуй? (Аҕыйах куолас элбэххэ бас бэриниэхтээх).
- Комсомол ытык иэһэ? (Аҕа дойдуну көмүскээһин).
- Саха комсомолун 1960-1980 сс. охсуулаах бачыыма туох этэй? («Школа-производство-ВУЗ» уонна «Животноводство — ударное дело комсомола!» диэн девизтэринэн салайтаран, ынах сүөһү иитиитэ этэ).
- Дойдуга билигин комсомол баар дуо? (Баар: “Российский Ленинский Коммунистический Союз Молодежи”. Саха Республикатыгар комсомол республикатааҕы кэмитиэтэ (реском комсомола) Дьоуускай куоракка общественнай тэрилтэ быһыытынан үлэлиир).
Комсомолга аналлаах биктэриинэни
Таатта райкомолун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит
Михаил Лукич Архипов оҥордо.