Мин уһук хоту Усуйаана улууһугар, Хаһааччыйа нэһилиэгэр олоробун, тохсус кылааска үөрэнэбин. Элбэх оҕолоох, ырыа-тойук аргыстаах Сыроватскайдар диэн мааны ыал иккис кыыстара буолабын. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай ытыктыыр, таптыыр, холобур оҥостор киһибит — эбээбит Сыроватская Александра Николаевна.
Кини бэс ыйын 12 күнүгэр 1938 сыллаахха Усуйаана улууһун дьикти кэрэ айылҕалаах Хайыр нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Кыра сааһыттан дьонун кытта бииргэ айылҕалыын алтыһан, Омолой Эбэ кытылынан элбэхтик бултаабыт, балыктаабыт. Онон оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ уһуйуллан, бары кытаанаҕы тулуйарга, күүстээх санаалаах буоларга иитиллибит.
Эбэм Александра Николаевна билигин 80 саастаах ытык кырдьаҕас, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сэттэ оҕо тапталлаах ийэтэ, сүүрбэ хос сиэн уонна уон биэс хос сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Эһэбит Сыроватский Дмитрий Семеновичтыын 90-с сылларга, совхоз эстибитин кэннэ, дьон үлэтэ суох хаалбытыгар, төрүт өбүгэлэрин сиригэр Татаайкаҕа туспа кэтэх хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Сүрүн дьарыктара: дьиикэй табаны бултааһын уонна балыктааһын. Маны таһынан уон биэс сүөһүнү иитэ ылбыттар, олортон алта ыанар ынахтаахтар этэ. Сайын буолуута бары дьиэ кэргэнинэн, оҕолуун-уруулуун сайылыкпытыгар Татаайкаҕа тахсарбыт. Манна бары үлэлээн, ынах үүтүн, сүөгэйи, суораты, балыгы нэһилиэк дьонугар атыылаан, Сыроватскайдар аймах бары хамнас аахсан, үлэлээн-хамсаан, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан, бастаан, “Татаайка” диэн ааттаах община баар буолбута.
Кэнники эһэм Дмитрий Семенович күн сириттэн барыаҕыттан, эбэм Александра Николаевна “Татаайка” община настаабынньыга уонна салайааччыта. Элбэх араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ билигин да биһиги общинабыт мэлдьи кыайыылаах буолар. Ол барыта – биһиги эбэбит А.Н. Сыроватская сыралаах үлэтин, сатабылын түмүгэ.
Александра Николаевна айылҕаттан айдарыылаах, ураты талааннаах киһи. Кини кус, таба түүтүнэн, тириитинэн, балык уҥуоҕунан, хатырыгынан араас киэргэллэри, орнаменнары, оһуордаах оҥоһуктары айарын сөбүлүүр. Холобур, тыаҕа бултуу-алтыы, балыктыы сылдьан, ураты быһыылаах тиит мас эбэтэр талах тобоҕун, сыыһын, кыраһынын таба өйдөөн-көрөн, булан ылан, араас кыылларга майгыннатан, сувенир оҥортообутун киһи эрэ астына көрөр. Оттон сыалыһар тириитинэн суумканы, сайыҥҥы сэлээппэни, төлөпүөн чехолун тикпитин, ону ойуулаан-оһуордаан, кырааскалаан киэргэтэн кэбиспитин билигин дьон бары олус сөбүлүүллэр, хайгыыллар.
Дьааҥы кытылыгар үүнэр талахтан
\
Кус түүтүнэн киэргэл
Сыалыһартан оҥоһуктар
Таба тириититтэн, түүтүнэн
Балыктан
Маны таһынан эбэм Александра Николаевна эдэр эрдэҕиттэн хоһоон-ырыа айар уонна ыллыырын олус сөбүлүүр. Билигин, төһө да сааһырдар, “Дьүкээбил суһума” диэн вокальнай ансаамбылга сылдьар, ыллыыр. Нэһилиэк, улуус кэнсиэригэр мэлдьи кыттар, саамай аҕа саастаах ырыаһыт да буоллар, чугас нэһилиэктэргэ гастролга эмиэ айанныыр. Бу күһүн эбэбит Сыроватская Александра Николаевна “Махталы аҕаллым” диэн айар үлэтин хомуурунньуга кинигэ буолан тахсан, барыбытын олус долгутта, дьоллоото.
Түгэнинэн туһанан, күн тэҥэ эйэҕэс санаалаах күндү эбээбин Александра Николаевнаеы кэлэн иһэр Дьахталлар күннэринэн эҕэрдэлиибин уонна чэгиэн-чэбдик олоҕу, сырдык сайаҕас санааны, дьоллоох-соргулаах уһун олоҕу баҕарабын. Биһиги эбээбитинэн киэн туттабыт, мэлдьи холобур оҥостор үтүөкэн киһибит.
Сыроватская Саина,
IX кылаас,
“Дьааҥы кыымнара” эдкорпост.
Хаһааччыйа, Усуйаана.