Күндү төрөппүт! Биллиилээх этнопедагог, Ороһутааҕы Норуот педагогикатын мусуойун төрүттээччи, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Константин Спиридонович Чиряев А.С. Макаренко, В.А. Сухомлинскай оҕону иитиигэ туһааннаах киэҥ ис хоһоонноох улахан үлэлэрин, ыстатыйаларын, тус суруктарын үөрэппитэ уонна саха дьонугар-сэргэтигэр анаан тарҕаппыта.
Константин Спиридонович бэйэтин кэмигэр «Бэлэм буол» оҕо хаһыатын истиҥ, чугас доҕоро этэ. Бу «Бэлэм буол» хаһыат 1988 сылын балаҕан ыйын 27 чыыһылатыгар бэчээттэммит матырыйаалын хайдах баарынан бэчээттиибит.
Кини олоҕун оҕолорго анаабыта
(«Бэлэм буол», 27.09.1988 с.)
Василий Александрович Сухомлинскай төрөөбүтэ 70 сылын туолла.
В.А. Сухомлинскай Украинаҕа бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини Полтаватааҕы пединституту 1939 с. быһа туттаран, биир сыл иһигэр бүтэрбитэ. Тыа сирин оскуолатыгар директордыы олорон, уһулуччулаах ситиһиилэрин иһин ССРС Педагогическай Наукатын Академиятын чилиэн-корреспонденыгар, Социалистическай Үлэ Геройугар тиийэ үүммүтэ. 36 кинигэни суруйбута уонна өссө бэчээттэнэ да илик үлэлэрдээх. Барыта 818 үлэни айбыта.
Василий Александрович оҕолору уйаннык таптыыра. Оҕо таһыттан арахпат этэ. Оҕону үөрдэр, сайыннарар туһугар туох баар кыаҕын, талаанын биэрэрэ. Кэлин үс сылга сэриигэ ылбыт бааһыттан сылтаан, доруобуйата олус мөлтөөбүтэ. Хааһынан уонна үүтүнэн аһылыктанара. Ол эрээри мэлдьи оҕолор ортолоругар сылдьара.
Василий Александрович олус элбэх дьону кытары суруйсара. Үөһээ Бүлүү оройуонун физико-математическай оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччитэ Люда Степанова Сухомлинскай «Сүрэхпин оҕолорго аныыбын» диэн кинигэтин ааҕан баран сочинение суруйбута. Онтуката олус үчүгэйдик тахсыбыта. Учуутала Михаил Андреевич Алексеев Людаҕа Василий Александровичка суруйарыгар сүбэлээбитэ. Люда улуу киһиэхэ суруйбута. Ити Сухомлинскай олоҕун бүтэһик сааһыгар этэ. Онно кини маннык эппиэти ыыппыта:
«Мин эн үчүгэйкээн суруккун киэн туттан аахтым. Үтүө Люда, мэлдьи ити курдук үчүгэйдик сырыт. Билиигэ уонна кэрэҕэ дьулуһуугар харысталлаахтык сыһыаннас. Хайаан да салгыы үөрэн. Эн үрдүк үөрэхтэнэн, бэйэҕин наукаҕа анаа. Мин 1969 сыллаахха таһаартарбыт «Сүрэхпин оҕолорго аныыбын» диэн кинигэбин өссө ааҕаргар баҕарабын. Оччоҕо мин туох санаалардаахпын, туох итэҕэллэрдээхпин ордук өйдүөҕүҥ. Олоҕуҥ инникитин хайдах буолан иһэрин миэхэ суруйаар.
Ытыктабылы кытта В. Сухомлинскай. 3.07.70 с.».
Биирдэ Василий Александрович төрдүс кылаас оҕолорун ойуурга экскурсияҕа илдьиэх буолан болдьоспуттара. Ити 1970 сыл атырдьах ыйын 24 күнэ этэ. Оҕолор барардыы тэринэн, Василий Александровичка кэлбиттэрэ. Учууталлара оронуттан нэһиилэ туран, дьиэтин ааныгар кэлбитэ. «Оҕолор, ыарыйдым. Кыайан барыам суох. Бырастыы гыныҥ. Хойут үтүөрдэхпинэ барыахпыт», – диэбитэ кэһиэҕирбит куолаһынан.
Ити уһулуччулаах учуутал бүтэһик охтуута этэ. Олус мөлтөөбүтүгэр дьоно уонна табаарыстара улахан врачтаах сиргэ баран эмтэнэригэр эппиттэрэ. Сөбүлэспэтэҕэ. «Миигин тоҕо оҕолортон ыраах илдьээри гынаҕыт. Онно хайдах киһи буолуохпунуй», – диэхтээбитэ күүһүн мунньунан. Өйүн сүтэрбитин кэннэ, уобалас киинигэр илдьибиттэрэ. Ити сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Москва радиота саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан Василий Александрович эҕэрдэтэ магнитофоҥҥа суруллубутун биэрбитэ. Оттон нөҥүө күнүгэр эмиэ ити кэмҥэ В.А. Сухомлинскай модун өйө, талаана, ыччат туһугар олорбут кэрэ олоҕо күн бүгүн тыыннаах курдук. Кини дьоҥҥо сабыдыала күн ахсын күүһүрэн, кэҥээн иһэр. Мин бу улуу киһи олорбут дьиэтигэр, үлэлээн дьиктини айбыт оскуолатыгар үстэ сылдьыбыппын, тус бэйэтэ суруйбут суруктарын кытары билсибиппин олоҕум биир суол дьолунан ааҕабын.
К.С. ЧИРЯЕВ, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.