Υтүө күнүнэн! Мин аатым Ната Ли Куо. Бүгүн биһиги кытайдыы «кини» диэни бэлиэтиир иероглиф бэйэ-бэйэтиттэн
туох атыннааҕын көрүөхпүт.
Бу иероглифтар иhиллиилэрэ тэбис-тэҥ, ол гынан баран суруллуулара бэйэ-бэйэлэриттэн ураты.
Ол уратыта диэн кинилэргэ атын-атын күлүүстэр тураллар. Күлүүстэр иероглиф суруйан таhаарарга туттуллаллар. Күлүүс суох буоллаҕына, иероглиф суолтата
уларыйар. Боростуойдук эттэххэ, ЛЕГО конструкторы хомуйар курдук. Биир дэтээл тиийбэт буоллаҕына, туох эрэ
ситэтэ суох буолан хаалар.
Ол курдук “他” − кини уол уонна “她” − кини кыыс уруhуйдарын өйдөөн көрдөххүнэ, иннигэр турар күлүүстэрэ атыттар. «Кини уол» диэни бэлиэтииргэ “亻” (rén) ол аата «киhи» диэн суолталаах күлүүс туттуллар. Онтон «кини кыыс» диэни бэлиэтииргэ “女” (nû) ол аата «кыыс” диэн күлүүhү уруhуйдаан биэрэллэр.
Бүгүн бу икки иероглиф туох уратылаахтарын туhунан биллигит. Бу билиигитин доҕотторгутугар, алтыһар
дьоҥҥутугар кэпсиэххитин сөп.
Кытай тылын үөрэтэр сонун бырайыакпытын манна киирэн көрүҥ, туhанын.