Бүгүн Дьокуускай куоракка саха норуотун поэта Иван Васильевич Мигалкины кытта бырастыылаһыы курус күнэ буолла. Норуот поэта олорон, үлэлээн ааспыт олоҕун, айар үлэтин, киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбатын туһунан элбэхтик ахтан аастылар. Поэт олохтон букатыннаахтык арахсан барыыта, биһиэхэ, хаалааччыларга туһугар эмиэ үөрэх кэриэтэ.
Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун бэрээссэдээтэлэ, саха норуотун поэта Наталья Ивановна Харлампьева Иван Васильевич туһунан маннык ахтан ааста:
– Күндү доҕоттор, 70 сааһыгар биир ый тиийбэккэ биһиги доҕорбут, атаспыт, биир идэлээхпит, саха норуодунай поэта Иван Васильевич Мигалкин бу орто дойдуттан барда.
Кинилиин литератураҕа биир кэмҥэ киирбиппит. 1976 сыллаахха ол саҕана чараас кассета диэн ааттанар “Эдэрдэр хомуурунньуктарыгар” кинигэлэрбит тэҥҥэ тахсыбыттара. Ол кэмтэн ыла билэр, тэҥҥэ алтыһан кэлбит киһим буолар.
Бастатан туран, Иван Васильевич аймахтарыгар, чугас дьонноругар, дьиэ кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун аатыттан, кырдьаҕас Сойуус аатыттан, дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Уйбаан поэзияҕа сүрдээх чаҕылхайдык киирбитэ. Оҕо сааһыттан суруйар эбит этэ. Ол суруйар дьоҕурун Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан салҕаабыта. Мин кини кэпсээннэриттэн сылыктаатахпына, суруйар дьоҕурун талаана киниэхэ дьиэ кэргэнигэр үчүгэйдик бэриллибит уонна сайдар кыах киниэхэ дьиэ кэргэнигэр баар эбит диэн толкуйдуубун. Уйбаан бииргэ төрөөбүттэрин кытта оҕо сылдьан бары биир уһун остуолга олорон эрэ ийэлэрэ библиотекаттан аҕалбыт кинигэлэрин ааҕалларын, олох кыра саастаах сылдьан нуучча классиктарын кинигэлэрин үрдүнэн-аннынан арыйан билбитин, аахпытын туһунан наар кэпсиир буолара.
Ордук ийэтин туһунан элбэхтэ кэпсиирэ. Биирдэ кабинеппар киирэн кэлбитигэр, кумааҕыттан сылгыны кырыйа олорорбун көрөн, улаханнык соһуйбута уонна наар көрүстэҕин, кэпсэттэхпит аайы: «Хайа, сылгыларгын кырыйа сылдьаҕын дуо?» – диэн ыйытар буолара уонна: «Мин ийэм итинник сылгылары кумааҕынан кырыйара», – диэн сүрдээҕин манньыйан үөрэр этэ. Онон сылыктаатахха, кини дьиэ кэргэнигэр айар кут, айар санаа мэлдьи баар эбит.
Иван Васильевич Мигалкин биһиги республикабытыгар эрэ киэҥник биллэр поэт, суруйааччы буолбатах. Литературнай институкка үөрэммит буолан, эйгэтэ сүрдээх киэҥ этэ. Иллэрээ күн Татарстантан кэллим. Онно Иван Васильевич туһунан сураспатах суруйааччы суох. Бары кинини билэллэр, өйдүүллэр, саныыллар, ааҕаллар.
Биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Иван Васильевич айар киһи быһыытынан принциптарын саха норуотун поэта Семен Петрович Даниловтан ылбыт киһи буолар.
Семен Петрович кинини олох уолун курдук маанылаан, батыһыннаран, кини айар кэскилигэр улаханнык итэҕэйэр этэ. Ол итэҕэли Иван Васильевич түһэн биэрбэтэҕэ. Ол көннөрү итэҕэл буолбатах этэ. Семен Петрович саха литературатын историятын уустук түгэннэрин, онно сыһыаннаһар сүрүн принциптары, сүрүн көрүүнү – барытын Уйбааҥҥа иҥэрбит этэ. Ол иһин олоҕун устатын тухары ол суолтан туораабакка көнөтүк айаннаан испитэ диэн бигэргэтиэх тустаахпын.
Кырдьаҕас суруйааччылары кытта алтыспытын туһунан суруйбута эмиэ туспа кэпсээн. Саха норуотугар, саха дьонугар-сэргэтигэр инникитин төхтүрүйэн төннөн кэлэ-кэлэ ааҕар айымньылара буолуо диэн саныыбын.
Айар дьон, биһиги, сыһыаммытыгар барыта эриэ-дэхси буолбатах этэ. Ол гынан баран Уйбаан төрдүлээх-уустаах киһи быһыытынан уонна улахан суруйааччы такайбыт киһитэ буоларын быһыытынан, түргэнник аһарар, бырастыы гынар идэлээх этэ. Ол онно киниэхэ мин улаханнык махтанабын.
Иван Мигалкин кэнники сылларга оҥостон туран оҕо литературатыгар күүстээхтик үлэлээбитэ. Ити кэскиллээх хайысханы мээнэҕэ ылбыта буолуо дии санаабаппын.
Биһиги бүгүн норуоппут инникитин туһунан саныыр буоллахпытына, биллэн турар, эдэр көлүөнэ туһунан саныахтаахпыт. Ол онно кини бэйэтин иэһин толорон барда диэн толкуйдуубун.
Барыан букатын 10-ча хонук дуу, нэдиэлэ дуу иннигэр миэхэ телефоннуу сылдьыбыта уонна 70 сааһын туолар юбилейын тэрээһинин туһунан кэпсээбитэ. «Булгуччу тахсаар» диэн көрдөспүтэ. Уонна махтаныылаах этэ. Ойуунускай премиятыгар түспүтүгэр «Эн үтүө тылы эппит үһүгүн мин туспунан. Онно махтанабын», – диэбитэ. Ол премия киниэхэ тиксибэтэҕэ. Ол гынан баран мин санаабар, дьонун, норуотун өйүгэр-санаатыгар Иван Васильевич Мигалкин курдук саха норуодунай поэта, суруйааччыта үйэлэргэ өйдөбүл буолан хаалыа.
Быдан дьылларга быраһаай…
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана МАТВЕЕВА, Кристина ИВАНОВА