Сэтинньи 18 күнэ — Россияҕа Тымныы Оҕонньор төрөөбүт күнэ
Сэтинньи 18 күнэ — дойдубут сүрүн аптаах киһитэ — Тымныы Оҕонньор төрөөбүт күнэ. Ити бэлиэ түгэн 2005 сылтан ыла киэҥник бэлиэтэнэр. Ити быдан иннигэр, 1935 сыллаахха “Правда” хаһыакка: “Оҕолорго Саҥа дьыл бырааһынньыгын тэрийиэххэ”, — диэн аан бастаан сырдаппыттар. Билигин буоллар, Тымныыта суох Саҥа дьыл хайдах да сатаммат дии?
Киэҥ нэлэмэн дойдубут араас муннугар олорор оҕолор киниэхэ туһаайан, сурук суруйаллар, бэлэх эрэйэллэр. Россия араас омук төбүрүөннээн олорор сирэ буолан, сир-сир аайы ураты Тымныылар бааллар. Олору билсиэҕиҥ эрэ.
Улуу Устюг — Тымныы оҕонньор дойдута, онно дьиэлэнэн-уоттанан олорор. Россия оҕолорун суруктара сылы супту онно хотоҕостуу субуллар, оттон ыалдьыттар, тас дойду туристара талаһар сирдэрэ — Улуу Устюг.
Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр Аар оройуонугар, Яна Кырлай диэн дэриэбинэҕэ Кыш Бабай баар. Кинини кытта Шурале (Тыа Иччитэ), былыргы Аждаха (Уот Уһутаакы), Убырлы Карчык (Дьэгэ Бааба) олорсоллор.
Карелияҕа Олонец диэн куоракка Оҕонньор буолбаккка, Паккайне диэн эдэр киһи, оттон кини быраата Чална диэн дэриэбинэҕэ олороллор. Эмиэ кырачаан ыалдьыттар сөбүлээн тоҕуоруһа мустар сирдэрэ.
Оттон уруулуу омуктарбытыгар бүрээттэргэ уонна калмыктарга Саган Убген диэн баар. Улан-Удэ куоракка баар дьиэтэ туризм биир бастыҥ уораҕайа. Саган Убгэн дракон (луо) төбөлөөх тайахтаах. Буддизм итэҕэллээх бүрээттэр саныылларынан, кини Шакьямуни Буддалыын кытары көрсүбүт. Кырдьаҕас Саган Убген ыалдьыттары Байкал кытылыгар ыҥыран көрсөр үгэстээх. Арай суолгар соһуччу Саганы көрсөн, сыл устата туох үчүгэйи оҥорбуккун кэпсээтэххинэ, эйиэхэ Ытык Кырдьаҕас алгыс тыл маанытын этэр, иҥэрэр дииллэр.
Удмуртарга Тымныы оҕонньор Тол Бабай диэн, кинини Шаркан диэн дэриэбинэҕэ көрсүөххэ сөп. Шаркан фиолетовай таҥастаах, өр туттуллан кынньары барбыт тайахтаах.
Марий Эл өрөспүүбүлүкэтигэр Юшто Кугыз диэн Тымныы Оҕонньор олорор. Дэриэбинэтэ—Кукнур диэн. Юшто Кугыз олус көрдөөх, үҥкүүһүт, ырыаһыт, бэл диэтэр, хайыһардаан дайар дииллэр. Ол эрээри, Саҥа дьылга киниэхэ… сэкиритээргэ эрдэ суруйтарбыт эрэ буоллаххына киирэҕин.
Чуваш норуотугар Хел Мучи Кшаушига ыалдьыттатар эбит. Кини былыргы үнүстүрүмүөннэргэ оонньуур даҕаны, бэйэтэ эмиэ уус буолан үнүстүрүмүөннэри оҥорор. Сундууга баҕа санаалары толорор аналлаах, оттон сылабаара… саҥарар! Юр Пике диэн Хаар кыыс көмөлөһөөччүлээх.
Ямал-Ненец уокуругар туундара, Хотугулуу Урал тыйыс салгыныгар төрөөбүт Ямал Ири баар. Кини хотугу абы-хомуһуну барытын иҥэринэн сылдьар. Сарсыарда тураат, муустаах уунан суунарын астынар үһү. Хотугу үһүйээннэри, номохтору, таабырыннары, остуоруйалары олус билэр. Сэлии муоһунан киэргэтиллибит эриэккэс курдаах, бэйэтин кытта мэлдьи аптаах тайаҕын, дүҥүрүн илдьэ сылдьар. Хаардаах Ямал устун табаларынан тамайа көтүтэн, бэлэхтэрин оҕолорго түҥэтэр.
Тываҕа Соок Ирей диэн Кызылга олорор эбит. Кини тувинецтар аан дойду айыллыытын кытары ситимнээх номохторуттан ылыллыбыт персонаж. Муус кырыа Оҕонньор таҥаһа күөх, үрүҥ, араҕас өҥнөртөн турар.
Эһиэхэ сорудах: Саха сиригэр ханнык Тымныы Оҕонньоттор баалларый? Кинилэр туох уратылаахтарый? Ол туһунан уонна кинилэри кытары хаартыскаҕа түспүт буоллаххытына, 4sakral@mail.ru почтаҕа сырдатыҥ. Бастыҥ үлэлээхтэри бириис күүтэр.
Жанна Леонтьева.
Хаартыскалар Интернет ситимиттэн.