Кыра сылдьан уолаттар хайдах кыыһы сөбүлүүллэрий? Бэрээдэктээх, бастыҥ үөрэхтээх, мааны таҥастаах, учуутал наар хайгыыр, ыллыыр, үҥкүүлүүр уонна кыратык бэйэтин билиммит соҕус кыыһы. Оннук буолбаат? Дьэ, мин оннук «кырасаабыссалартан» биирдэстэрэ этим. Арааһа, кылаас уола барыта сөбүлүүрэ быһыылаах. Сыл аайы кулун тутар 8 күнүгэр саамай элбэх бэлэҕи тутарым. Бээ, онтукабын да буолуохтааҕын курдук нэһиилэ ыларым, өссө сорохтор киэннэрин сирэрим эҥин. Дьаабы дии? Чэ, быһата бэйэбин «мисс мира» курдук сананан баран сылдьарым.
Оннук киэбириҥсэ, атаах кыыһы кылаас саамай сэмэй майгылаах, кыра уҥуохтаах, уот орто үөрэхтээх, аҥаардас ийэлээх уола ис сүрэҕиттэн таптыыра. Чахчы, таптыыра. Өссө маҥнайгы кылаастан! Үөхтэхпинэ да, саҥата суох тулуйара, наар миэхэ үчүгэйи оҥоро сатыыра. Кэлин үрдүкү кылааска тахсан баран, дьиэбэр атаараары, дискотека бүтүөр диэри кэтэһэн турара — харахпар бу баар! Ол кининэн атаартарыам баара үһү дуо? Суох бөҕө буоллаҕа дии, куотан хааларым. Наһаа миигин таптыырын иһин абааһы көрөрүм, дьон ортотугар түһэрэ сатыырым. Билигин санаатахха, ынырык баҕайы эбиппин! Барахсан, хайдах итиччэлээх сэнээһини тулуйбута эбитэ буолуой?
Дьэ, оннук тохсус кылааска диэри тиийдибит. Арай ол сыл биһиги оскуолабытыгар куораттан саҥа уол үөрэнэ кэллэ. Биһиги уолаттарбытыгар тэҥнээтэххэ, таҥаһа муодунайа, сытыыта-хотуута сүрдээх. Бэйэтин кыанар, бэйэтигэр эрэллээх буолан, уолаттарбытын таах баһыйда, «хоруоллара» буола түстэ. Киниэхэ бэрт буолаарыгар, табахтаабат да уолаттарбыт табахтыыр дьаллыктаммыттара. Аны өссө пиибэлэтэн мөхтөрбүтэ. Быһата, бэрээдэгэ мөлтөһүөр этэ. Ону, дьэ, кыргыттар: «Дьооско курутуой», — дии-дии ымманыйаллара, уҥа-таала таптаан сордоноохтууллара.
Мин буоллаҕына, дьиҥэр, наһаа оннук сэҥээрбэтэҕим. Ол гынан баран, аһара «успехтааҕын» иһин аны интэриэһиргээн киирэн барбытым. Этэргэ дылы, кыргыттарбыттан хаалсымаары. Хаалыам үһү дуо? Өссө барыларын баһыйар баҕам уһуктубута! Ымсыырар уолларын эрийэн ылан киэптиир соругу туруорбутум. Оннук гынан, бэйэм үчүгэйбин бигэргэтээрибин, кинилэрдээҕэр ордукпун көрдөрөөрүбүн.
Ол идиэйэбин олоххо киллэрэр туһуттан былаан бөҕөтүн оҥостубутум. Алик (итинник диэн ааттыахха) иннигэр соруйан оҥосто-оҥосто эриллэҥнээн хаамарым, мичээрдээбитэ буоларым, эйэҕэс буола сатыырым. Оннук бэйэлээҕи, биллэн турар, уола хаан сэргээтэҕэ дии.
Начаас үлүгэр доҕордоспуппут, ый аҥаарынан олох куустуһа сылдьар буолбуппут. Оскуола «звездалара» курдук сананарбыт. Оннооҕор учууталлар бэркиһээн: «Бу эһиги туох ааттаах кэргэнниилэр курдуккутуй, аа? Сүрэ бэрт дии! Манна оскуола ээ», — диэн мөҕөллөрө. Оттон биһиги онно эрэ наадыйбаппыт, таптал иэйиитигэр куустаран баран сырыттахпыт.
Аликтыын булсуохпуттан ыла дьүөгэлэрим миигиттэн тэйбиттэрэ, туспа хампаанньа буолбуттара. Ээ, мин онно улаханнык эмиэ кыһаллыбат этим. «Бэртэрин былдьаттахтара», — диэн күлэрим. Кылаабынайа, Алигым эрэ аттыбар баар буоллун! Саамай хомойбут уонна кэлэйбит Миша (анараа уолбун этэбин) этэ. Букатын дорооболоспот да буолбута. Онтон мин, хата, төттөрүтүн үөрэрим.
Бу санаатахха, Алик оччолортон иһэр эбит. Оҕо буолан баран, бөһүөлэк ыччаттарын кытта «шоулуура». Субуота аайы биэчэргэ арыгы сыттаах кэлэрэ. Өссө биирдэ киһини кырбааһыҥҥа кыттыһан, улаханнык дьүүллэммитэ. Ону барытын мин бырастыы гынан иһэрим, аахайбатаҕа буоларым. Тоҕо диэтэххэ, кинини сүтэриэхпин баҕарбат этим. Кырдьык, быраҕан кэбиһиэ, киһини саакка-суукка киллэриэ диэн испэр олус долгуйарым. Бэйэтэ да кыыһырдаҕына куттуур идэлээҕэ: «Атын кыыска баран хаалыам», — диэн. Саатар, сүгүрүйээччилэрэ да сүгүннээбэт этилэрэ. Олор бары миигин күнүүлээбит харахтарынан ордуҕургуу көрөллөрө. Ол аайы мин өссө астынарым, дуоһуйарым, Аликпын өссө күүскэ таптыырым.
Бастакы кууруска үөрэнэ киирээт да, үлэтэ, үөрэҕэ, сайдар кэскилэ суох Аликпар кэргэн тахсыбытым. Тыый, оччолорго биһиги саҕа улахан таптал аан дойдуга суох курдуга. Акаары да эбиппин! Киниттэн сылтаан үөрэхпин бырахпытым. Сотору буолаат оҕоломмутум. Ол кэнниттэн аны арахсыбытым. Хайа ойох эрэ уҥа-хаҥас күүлэйдиирин тулуйуой? Буолаары буолан 19 сааска?
Билигин ол «курутуойум» ааттаах арыгыһыт, улуу иһээччи. Киһи барыта сиргэнэр киһитигэр кубулуйбут.
Оттон Миша… Дьэ, чахчы, кини «дьооско курутуой»! Быйыл кылааһынан көрсүһүүгэ көрөн баран, тылбыттан маппытым. Соҕуруу үөрэммит. Бүтэрэн кэлэн баран, ханнык эрэ улахан тэрилтэҕэ үлэлии сылдьар эбит. Санаабар, уһаабыт курдук. Эт тутан, кэтирээн, кыыс аймах хараҕар быраҕыллар эр бэрдэ буолбут. Эчи, култуурата үрдүгүн, эйэҕэһин. Ып-ыраас, сып-сырдык! Кэрэчээн кэргэнин кытта сиэттиһэн сылдьалларын, бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннаахтарын ыраахтан ымсыыра одуулаабытым. «Оо, арай ити кийиит оннугар мин эбитим буоллар, төһө эрэ дьоллоох буолуом этэ», — дии санаабытым.
Хайыахпыный, куоттаран баран ытаабаттар. Кинилэр олохторо дьоллоох эрэ буоллун. Оннук да буолуоҕар саарбахтаабаппын. Оттон мин этэбин эһиэхэ: ким «курутуойун» кэм көрдөрөр эбит…
Чэлгийэ.