Мин сөбүлүүр дьарыгым оригами уонна өссө ас астыыбын, уруһуйдуубун. Оригами толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар. Мин бириэмэбин мэлдьи туһалаахтык атаарарга кыһанабын. Спортивнай-бальнай үҥкүүгэ үөрэтэр «Надежда» диэн ансаамбылга, «Арыллыы» суруналыыстыка куруһуогар дьарыктанабын. Үҥкүүгэ былырыын киирбитим, ол иһин икки эрэ трнирга кыттыбытым. Суруналыыстыка куруһуогар кэпсээни, остуоруйаны айарга, ыстатыйа суруйарга үөрэнэбит. Өссө араас биһилэх, браслет оҥоробун. Оскуолаҕа үлэ уруогугар сибэкки уонна попугай оҥорбуппут. Маннык оҥоһуктары оҥорорбун олус сөбүлүүбүн. Мин санаабар, ким дьарыктанар, ол ситиһиилээх буолар. Бу сатабыл барыта үлэттэн тахсар.
Ийэбин уонна балтыбын кытта торт, бэчиэнньэ, кекс астыыбыт. Мин сөбүлээн астыыр аһым буспут дьаабылыкалаах бөрүөк. Эрэсиэбэ маннык: бастаан дьаабылыканы сууйабыт, онтон ыраастаан баран кыра түөрт муннук гына кырбыыбыт, ол кэннэ ханнык баҕарар иһиккэ угабыт уонна сахар кутабыт. Доруоһата суох тиэстэни хас да гына кырбыыбыт, ол кэннэ дьаабылыканы кытта мэһийэбит уонна муннуктарын бэйэ-бэйэлэригэр тардан ортотугар диэри сыһыарабыт. Духуопкаҕа 15 мүнүүтэҕэ 180 кыраадыска туруорабыт. Оҕолоор, ийэҕитигэр көмөлөһөн, маннык астыырга үөрэниҥ. Сөбүлүүр дьарыккытынан дьарыктаныҥ, элбэхтик билэ-көрө, кинигэ ааҕа сылдьыҥ.
Амелия Егорова, Дьокуускай куорат
саха национальнай гимназиятын
3 “В” кылааһын үөрэнээччитэ.