Чурапчы көһөрүүтүн алдьархайа – бу саха омугун бүттүүнүн алдьархайа.
1939 сылтан турбут сут-кураан кэмнэригэр Чурапчы улууһун колхуостаахтарын хоту балык булдугар көһөрөргө күһэйии 1942 с. атырдьах ыйын 11 күнүгэр 213№-дээх уураахха баттаммыта.
Уопсайа Чурапчы улууһуттан 41 колхуос, 5318 киһилээх 1850 хаһаайыстыбаны төрөөбүт төрүт буордарыттан күүс өттүнэн Кэбээйи, Булун, Эдьигээн улуустарыгар ыыппыттара. 41 колхуостан үгүстэрэ аччыктаан, хоргуйан, тонон-хатан тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ аара өлбүттэрэ, сүппүттэрэ. Бу алдьархайдаах быһыыны-майгыны курутуйан ахтар, кэриэстиир, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр биһиги ытык иэспит.
Ол курдук, балаҕан ыйын 19 күнугэр Чурапчыбыт улууһугар кэриэстэбил күнэ. Бу кун Чурапчыга Хоту көһөрүү 81 сылыгар аналлаах миитинэ ыытылынна. Манна Д.П.Куоркун аатынан Чурапчытааҕы ыспартыыбынай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир орто оскуола-интернат үөрэнээччилэрин «Хотой» бөлөҕө (сал. А.Н.Кузьмина), Хоту көһөрүүгэ сырдык тыыннара быстыбыт кырачаан оҕолор кэриэстэригэр хоһоонунан дьүһүйүү туруордулар.
Ону таһынан оскуолабытыгар Хоту көһөрүллүү туһунан кылаас чаастара ыытылыннылар. Манна биһиги оройуоммутуттан көһүүгэ кыттыбыт Үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ, ытыктыыр кырдьаҕастарбыт Валентина Николаевна, Иван Константинович Иустиновтар, Егор Егорьевич Захаров ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кыттыыны ыллылар, оҕолору кытта сэһэргэстилэр.
Ама да ааспытын иһин, бу алдьархайдаах кэмнэри эттэринэн-хааннарынан билбит биһиги биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэлэр тухары умнуохпут суоҕа, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
«ЧЭБДИК» пресс-киин