Чурапчы улууһугар “Боотур уус сыдьааннара” диэн иитэр үлэ программата үлэлээбитэ иккис сыла. Ол чэрчитинэн ыам ыйын 8 күнүгэр, биһиги оскуолаҕа “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” Кыайыы муннугун арыллыыта буолла.
Бу манна Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт туһунан кэпсэнэр. Ону таһынан сэриигэ кыттыбыт оскуолабыт выпускниктара сырдатыллыннылар. Кыайыы муннугун оҥорууга история учуутала Илларионова Л.П, музей салайааччыта Матвеева Т.К., библиотекарьдар, оскуола иитэр үлэҕэ отделын үлэһиттэрэ уонна оскуола активын оҕолоро бары биир күүс буолан үлэлэстибит. Кыайыы муннугун үөрэх салаатыттан хамыыһыйа кэлэн көрдө, сыаналаата.
Биһиги 8 гуманитарнай уонна 7 “а” кылаас оҕолоро стендэбитин көмүскээтибит. Кыайыы муннугар “ПОБЕДА” диэн инсталляциянан оскуолабыт патриотическай иитиитин сүрүн хайсхаларын көрдөрдүбүт. Улууспут байыаннай дьайыыга сылдьыбыт бэтэрээннэрин көҕүлээһининэн “Саллаат паартата” диэн акцияҕа кыттабыт. Ол парталарбытын эмиэ Кыайыы муннугар миэстэлэрин буллулар. Хас биирдии муннук сиһилии историяны кэпсиир. Инники былааммыт өссө да киэн. СВО-ҕа кыттыбыт уонна сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, выпускниктарбытыгар анал стендэҕэ үлэлэһиэхпит.
Милена Логинова, 8 гум. кылаас
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата