Саха сиригэр шайбалаах хоккейынан 1968 сыллаахтан оонньууллар. Ол кэмҥэ аан бастакы күрэхтэһии Мииринэй оройуонун Чернышевскай бөһүөлэгэр ыытыллыбыта, алта хамаанда илин-кэлин түһүспүтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ хоккейга бастакы идэтийбит тренеринэн Юрий Борисович Егоров буолар. Оттон хоккей федерацията 1997 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта.
Биһиги хоккеистарбыт
Быйыл ыытыллар “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кыһыҥҥы I Оонньууларга Саха сирин хамаандата шайбалаах хоккейга киирсэр. Оҕолор билигин бэлэмнэнии тиһэх түһүмэҕэр киирдилэр.
Хамаанда кыһыҥҥы «Азия оҕолоро» күрэхтэһиитэ буоларын икки сыл анараа өттүгэр истэн, кичэллээхтик эрчиллэн саҕалаабыттара. Хас ый ахсын сбордары тэрийэн, оҕолору дьарыктыыллар.
Састаапка Дьокуускай, Нерюнгри оонньооччулара бааллар. Былырыын алтынньы ыйга Владивосток куоракка Саха сирин хоккеистара бараннар, III миэстэни ылбыттара. Оттон быйыл Благовещенскайга ситиһиилээхтик кыттан, эмиэ үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ.
Онон көрөөччүлэр өттүлэриттэн оҕолорго эрэл күүстээх.
Дьарык – ситиһии төрдө
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Яков Владимирович Сандаков оҕолорго сөптөөх сүбэни-аманы биэрэр, күүскэ эрчийэр. Күҥҥэ иккитэ дьарыктыыр. Онно улахан кыһамньыны тиэхиньикэҕэ уурар.
Ханнык баҕарар оонньооччу соҕотоҕун да хамаанданы ыарахан балаһыанньаттан быыһыан сөп. Өскөтүн кини элбэх албаһы, ньыманы биллэҕинэ, оонньууну чэпчэкитик ылынар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир.
– Мин санаабар, эрчиллэр диэн, этэргэ эрэ чэпчэки. Хас күн ахсын хара көлөһүннэрин тоҕон, албастары чочуйан, үлэлэрин түмүгэ дьэ кэллэҕэ дии, – диир Яков Владимирович.
Хамаанда стилэ – атааканан киирсии. Ол аата оҕолор төһө кыалларынан түргэн тэтиминэн оонньууллар. Бэйэ- бэйэлэрин кытары өйдөһүү, араас “комбинацияны” толкуйдаан, шайбаны боруотаҕа киллэриэхтээхтэр. Оттон көмүскэнэргэ “прессинг” көмөтүнэн хас биирдии оонньооччу утары киһиттэн шайбаны былдьыахтаах. Оччоҕо бэйэҥ сиргэр улахан куттал суох буолар.
Яков Сандаков бу систиэмэни туруорбута олус сөп. Оҕо улаатарыгар туһалаах уонна улахан хоккейга барарга бэртээхэй уопут.
– Бастаан хамаандаҕа 30 хоккеист кэлбитэ. Билигин онтон сыыйыллан, 20 оҕо хаалла. Биһиги тиэхиньикэни, тактиканы көрөбүт уонна оонньуу кэмигэр хайдах сылдьарын кэтээн бэлиэтээбиппит. Холобур, оҕо эрчиллиигэ үчүгэйдик хамсанар буолар, оттон күрэхтэһиигэ «умайан» хаалар. Оннук түгэннэр суох буолалларын туһугар маннык ньыманан үлэлиибит.
Кыайыахха сөп
Россияттан кыттар хамаандалар хайдах састааптаах кэлэллэрэ биллибэт. Сибиир уонна Урал күүстээх уолаттарын аҕаллахтарына, киирсэргэ, дьэ, ыарахан буолар.
Сахалины кытта иккитэ оонньообут буоланнар, онон кыайыахха сөп. Казахстан хамаандата “үтүлүк бүтэйдии” сылдьар. Оттон Япония, Туркменистан уонна Монголия хайдах таһымнаах хамаанда буолаллара биллибэт.
Оҕолорбут төһө кыалларынан бириистээх миэстэни былдьаһыахтара. Көрдөрүү баар буоллаҕына, бүтүн “өрөспүүбүлүкэҕэ биллиэхпит, тахсыахпыт” диэн эрэллээхтэр.
Бастыҥ
Саша Каменскай – Дьокуускай 5 №-дээх орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ – хамаанда тутаах оонньооччута. Хоккейынан дьарыктаммыта номнуо уон сыл буолбут. Спорт ханнык көрүҥэр киллэрэргэ, уол түөрт саастааҕар, аҕатыгар, табаарыһа Владимир Хабузов (хоккеист) сүбэлээбит.
Кини оонньуур миэстэтэ – уҥа “форвард”. Онон элбэх шайбаны киллэрэр, үчүгэй көрдөрүүлээх буолан, уолаттара “бомбардир”, “гол-машина” диэн ааттыыллар.
Хоккейга оонньууругар биир сыл хаҥкыга турарга үөрэммит. Хаҥкыга ылбычча киһи турбат, уһун кэмнээх дьаныардаах дьарык кэнниттэн сатабылыҥ, үөрүйэҕиҥ үөскүүр. Ол курдук, уол үһүс сылын эрэ кэннэ биирдэ клюшканы ылан, хамаандаҕа киирбитэ.
Уол үөрэҕэр үчүгэй. Кини оскуолатыгар араас күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Ол курдук, 2016 сылга боксанан дьарыктаммыта. Онно элбэх кыайыылаах, күүстээх, лиидэр буолан, тренерэ кинини оскуола хамаандатын хапытаана оҥорбута. Бу Сашаҕа үрдүк ситиһии.
Хоккейга сөбүлүүр хамаандата – НХЛ лигатыгар кыттар “Питтсбург Пингвинз”. Бу манна хоккеистар Евгений Малкин уонна Синди Кросби оонньууларын көрө-көрө хамсаныыларын, быраҕыыларын үөрэтэр. Онтукайын дьарыкка хатылыыр.
– Улуу хоккеистар оонньууларын көрөр олус туһалаах. Холобур, аҕыс саастаахпар 14-тээх оҕолору кытта киирсибиппит. Ол онно бүтэһик мүнүүтэҕэ ахсаан – 2:2. Утары хамаанда “боруотаны көмүскээччитин” уһулан, алтыа буолан атаакалаан истэхтэринэ, мин шайбаны былдьаан, Илья Ковальчук курдук ыраахтан быһаарыылаах голу киллэрбитим. 3:2 кыайбыппыт! Бу миэхэ саамай умнуллубат түгэним буолар. «Азия оҕолоругар» хайаатар да миэстэлэһиэхтээхпит. Кырабыт дэммэппит, кыайыахпыт! – диэн Саша кэпсээтэ.
Бу курдук, шайбалаах хоккей Саха сиригэр спорт кэскиллээх көрүҥэ диэн сыаналааҥ, кэрэхсээҥ. Өскөтүн оҕо үчүгэйдик дьарыктаннаҕына, үрдүк көрдөрүүлэри ситистэҕинэ, Саха сирин хоккейын историятыгар киирэр кыахтаах.
Туох барыта кыраттан саҕаланар. Биһиги оҕолорбут, кытаатыҥ!
Павел ИЛЬИН.
Ааптар түһэриилэрэ.