Хаҥалас улууһун II Малдьаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Герой-ийэ», «Ийэ албан аата» I, II, III, истиэпэннээх ССРС уордьаннарынан наҕараадаламмыт Васильева Матрена Романовна 10 оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, улахан дьиэ кэргэнин көрөн-истэн, оҕолорун улаатыннаран, үгүс сыратын, күүһүн ууран, Герой-ийэ аатын ылыан ыллаҕа.
1948 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Еланка Хомустаах алааһыгар Варламовтар дьиэ кэргэттэригэр Матрена Романовна төрөөбүтэ. Ийэтэ Яковлева Александра Степановна, аҕата Яковлев Роман Титович. Аҕата 1941 сыллаахха Хомустаах алаастан Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыта. 1942 сыллаахха төннөн кэлбит уонна Дьоппуон сэриитигэр кытта барбыта. Сэрииттэн кэлэн бостуугунан үлэлиир, ынах сүөһү көрөр.
1966 сыллаахха Матрена Романовна 18 сааһыгар Васильев Иван Михайловичка кэргэн тахсар. Ол саҕана Еланкаҕа уонна Улахан Ааҥҥа иккитэ уруу киэһэтин тэрийбиттэ. 1966-1972 сылларга Улахан Аан дьааһыла саадыгар сиэстэрэнэн үлэҕэ киирэр. 1975-1980 сылларга кулуупка харабылынан, оһох оттооччунан үлэлиир. Нэһилиэккэ саҥа балыыһа арыллыбытыгар асчытынан, санитарынан үлэлиир. Бу кэннэ хараҕар эпэрээссийэлэнэн, оскуолаҕа быстах үлэҕэ 1,5 сыл харабыллыыр. Онтон бочуоттаах сынньалаҥҥа баран, сиэннэрин көрсөр, ийэ, эбээ толору дьолун билэр.
Матрена Романовна кэргэнин Иван Михайловиһы кытта 10 оҕолонон, бары үлэһит дьон буола улааталларыгар күүс-көмө, өйөбүл буоллулар. Оҕолоро, сиэннэрэ үөрэхтэнэн, үлэһит, дьоһун дьон буола улааттылар. Биһиги нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ Герой-ийэбитинэн уонна кини дьиэ кэргэнинэн киэн туттабыт. Уһун үйэни, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!
М.Е.Васильева аатынан
II Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинэ