Кыайыы 80 сыла чугаһаан эрэринэн сиэттэрэн, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран олоҕун олук уурбут хос-хос эһэм Петр Григорьевич Васильев туһунан ахтан-санаан ылыахпын баҕарабын. Кини 1901 сыллаахха төрөөбүтэ. Чыамайыкыга олохтоох Федоровтар аҕа уустарыттан Чооруос Дьөгүөр кыыһын Федорова Варвара Егоровнаны кэргэн ылан Хайахтаах диэн сиргэ олорбуттар. Эһэм аах олорбут сирдэрэ билигин «Баһылайапка» диэн ааттанар. Эбэлээх эһэм колхоз төһүү үлэһиттэрэ эбиттэр.
Хос-хос эһэм аармыйаҕа 1942 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Бииргэ төрөөбүт быраатынаан ыҥыыр атынан сэрии суолугар туруммуттар. Кини соҕотох уола, мин хос эһэм, Николай Петрович Васильев аҕатын олус таптыыра үһү, кинини сайыһан суол устун Кыталыктаах сыырыгар 8 километр ыраахха диэри эккирэппитэ диэн кэпсииллэр.
Петр Григорьевич Васильев — уоттаах сэрии кыттыылааҕа. 1943 сыллаахха ыам ыйын 27 күнүгэр сэриигэ ылбыт эчэйиититтэн госпитальга сытан күн сириттэн күрэммит. Новосибирскай уобалас Томскай куоратыгар бастакы тимир суол станциятыгар көмүллүбүт. Эһэм сэрииттэн ойоҕугар суругар: «Манна куһаҕана, нууччалыы билбэт, онтон атын киһи сатаан сылдьыа эбит. Уолгун хайаан да нууччалыы билэр гына үөрэттэр» — диэн суруйбут. Ити курдук, хос-хос эһэм Петр Григорьевич Васильев 42 сааһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин хонуутугар олоҕун түмүктээбитэ, ол кини олорботох олоҕун соҕотох уола Николай Петрович салҕаабыта.
Мин хос-хос эһэбинэн киэн туттабын уонна муҥура суох махтанабын!
Азиза Копырина, XI кылаас,
«Проба пера» юнкора, Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас