Алтынньы ый 5 күнүгэр Дьокуускай куоракка буолбут XV учууталлар съезтара Саха сирин араас улуустарыттан 500 үөрэх кыһатын үлэһиттэрин, общественниктарын муста. Биһиги оскуолабытыттан иитэр үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Вера Петровна Иванова делегатынан сырытта.
Съезд чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Чуолаан, Республикабытыгар үөрэх систематын сайыннарыыга үлэ барбыт. Маны таһынан, учууталлар, үөрэх кыһалара бэйэлэрин уопуттарын үллэстибиттэр. Съезд арыллыыта СССР норуодунай учууталын скверыгар сибэкки ууруутуттан саҕаламмыт. Оскуолабытыгар Таатта улууһуттан учууталлар кэлэн кылаас чаастарын ыыппыттара. Биһиги кылааска Захарова Любовь Николаевна ананан сүрдээх интэриэһинэй, туһалаах уруогу ыыппыта.
Учуутал идэтэ тоҕо наадалааҕын, урукку кэмнэргэ оҕолор, учууталлар хайдах үөрэнэн – үлэлээн кэлбиттэрин билбиппит. СССР норуодунай учууталын Михаил Андреевич Алексеев туһунан киэн тутта, сэргии истибитим . Кини биһиги Сахабыт сиригэр математика уонна физика уруоктарын чиҥэтэн үөрэтэр бастакы оскуоланы төрүттээбит киһи буолар. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар Михаил Андреевич фроҥҥа барар. Сэрии кэнниттэн кэлэн үлэтин салҕыыр. Кини куруук эдэр учууталларга көмөлөһөн, сүбэлиир – амалыыр эбит. Улуу киһи, Михаил Андреевич Алексеев туһунан билбиппиттэн үөрдүм, астынным, киэн тутуннум.
Уруок түмүгэр сөбүлүүр учууталларбыт мэтириэттэрин уруһуйдаабыппыт, кинилэр тустарынан кылгастык сырдаппыппыт. Любовь Николаевнаҕа интириэһинэй, туһалаах уруогун иһин махтанабыт.
Виктория Харова, III«Г» кылаас,
Сэбиэскэй Сойуус Геройа Ф.К. Попов аатынан 20 № — дээх орто оскуолата, Дьокуускай.
Салайааччы Сахая Павловна Чемезова.