Ханнык баҕарар кэмҥэ, үйэҕэ, киһигэ улахан үөрүүнэн саҥаны арыйыы буолар.
1961 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр Сэбиэскэй Союз космонавта Юрий Гагарин «Восток-1» космическай хараабылынан «Байконур» космодромтан киһи аймах историятыгар аан бастакынан куйаарга көппүтэ. 1968 сыллаахха сэтинньи ыйга 61 норуот икки ардынааҕы авиационнай конференцияҕа муус устар 12 күнүн Космонавтика күнүнэн биллэриэххэ диэн этии киирбитэ. Бу этии муус устар 30 күнүгэр 1969 сыллаахха авиационнай федерация сэбиэтинэн бигэргэтиллибитэ.
Бу бэлиэ күнү оскуолабытыгар олус интэриэһинэйдик атаардыбыт. Алын кылаас оҕолоругар араас матырыйааллартан космическай ракета оҥорууга куонкурус биллэриллибитэ. Бары олус көхтөөхтүк кытынныллар. Бииртэн биир үчүгэй ракеталары оҥорон быыстапкаҕа туруордулар.
Улахан кылаас оҕолоро «От Земли до Марса» диэн интеллектуальнай оонньууга кытыннылар , 5-7 кылаастар И.Д. Жирков аатынан Саха сирин космонавтикатын уонна авиациятын музейыгар виртуальной экскурсиялаатылар.
Бу суруйуубун «Ханнык баҕарар кэмҥэ, үйэҕэ, киһигэ улахан үөрүүнэн саҥаны арыйыы буолар» диэн Юрий Алексеевич Гагарин тылынан түмүктүөхпүн баҕарабын.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы