Алаас диэн тыл сахаҕа син биир төрөөбүт буору, төрөөбүт дойдуну, аймахтары-уруулары, чугас дьону-сэргэни уонна “бэйэ сирэ” диэни кытта дьүөрэлээн өйдөнөр. Төрөөн-үөскээбит улааппыт сиргэ таптал туһунан саха норуотун киэн туттар суруйааччыта Суорун Омоллоон “Чүөчээски” кэпсээнин киириитигэр маннык суруйар: “Толугур диэн чоҥкучах, тулаайах алааска иккиэйэх оҕо баара. Бу оҕолор, алаастарын, кини төһө да туруйа хараҕын саҕа кыра, уһаат иһин курдук бүтэй буоллар, олус таптыыллара. Бу Толугурга кыһын суор эрэ хаһыытыыра уонна сылгыһыт Наһаар балаҕанын аана хаахыныыра; саас чараҥыгар куртуйах куллугуруура, куулатыгар хабдьы бэбигириирэ; сайын кырдалыгар аһыҥа сырдыргыыра: ити кэннэ халдьаайы аннынааҕы харах көлүччэтигэр хойутаан киллэрбит чыккымай оҕолорун кытта букунаһара иһиллэрэ. Оттон күһүн Толугур тэҥкэ хара тыатыгар куобахчыт саатын “дор” гынара… Мантан атын тыас Толугурга иһиллибэт буолара. Ол да эрээри Толугуру, төрөөбүт алаастарын, бу икки оҕо олус таптыыллара. Биирдэ эмэ күһүн Аммаҕа, эбэлэрин аахха киирдэхтэринэ, дьоннорун ахтыбат, алаастарын ордук ахтар буолаллара”.
Төрөөбүт алаас туһунан саха бэйиэттэрэ, суруйааччылара үгүһү-элбэҕи суруйбуттара, ырыа гынан ыллаабыттара, хоһоон гынан хоһуйбуттара. Аныгы киһи, эдэр ыччат алаас диэн тылы дириҥ суолтатын арааран өйдүүрэ дуу, суоҕа дуу? Бу тыл синонимнара төрөөбүт сир, дойду, түөлбэ, буор диэн тыллар буолуохтарын сөп.
Хас биирдии киһи төрөөбүт сирин-дойдутун, биһигин ыйаабыт сирин умнуо, атарахсыта саныа суохтаах. Төрөөбүт сириттэн-уотуттан быстыбыт-ойдубут киһи син биир тулаайах кэриэтэ. Атын сиргэ, улахан куораттарга сырыттахха, ол дойду дьонун, олохтоохторун бастакы ыйытыылара “Вы откуда родом?”, — диэн. Онуоха тыйыс айылҕалаах киэҥ нэлэмэн сирдээх, түҥ былыргы урааҥхай удьуордаах дьон буоларбыт быһыытынан киэн тутта: “Из холодной Якутии”, — диэн хардарыах тустаахпыт.
Төрөөбүт алаас ахтылҕанын биһиги манна олорон, кырдьыга, билбэппит. Атын сиргэ өр кэмҥэ тэйэ сырыттахха, ити иэйии биллэр. Ностальгия хайдахтаах курдук күүстээҕин, ыарыы курдук сүрэҕи-быары ытарчалыы ыларын төрөөбүт сирдэриттэн-уоттарыттан тэйбит, ыраах дойдуга олоро букатын көһөн барбыт дьон эрэ итини иҥэн-тоҥон быһаарыахтарын сөбө буолуо.
Надежда Анатольевна Ефремова,
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет доцена,
тыл билимин кандидата