“Сосновый бор” лааҕырга медиа смена кэмигэр Анатолий Алексеевич Михайлов диэн хабылык, хаамыска тренерин кытта көрсөн кэпсэппиппитин умнубаппын.
Кини бэйэтэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. 40-ча сыл Амма улууһун Эмис нэһилиэгин оскуолатыгар учууталлаабыт. Оҕолорго география уруогун үөрэппит. Мин кинини олус үчүгэй учуутал эбит диэн көрдүм. Саҥата-иҥэтэ улахан, чуолкай, оҕолору кытта үчүгэй баҕайытык кэпсэтэр. Элбэҕи билэр. Сырдык баҕайы киһи.
Анатолий Алексеевич Михайлов былыр оҕо сылдьан хабылыгы, хаамысканы оонньуур эбит. Оҕо эрдээҥҥи оонньуутун улаатан да баран умнубатах.
Бастакы күрэхтэһии 1980-ус сыллар бүтүүлэригэр “национальная концепция” диэн программа быһыытынан буолбутугар кыттыбыт. Ол кэнниттэн 1993 сыллаахха бастакы республиканскай күрэхтэһии буолбут. Хабылыгы, хаамысканы сөбүлүүр дьон мустаннар, түүнү-күнү быһа онньообуттар. Кини онно оҕо сааһын санаан, дуоһуйа оонньообут.
Анатолий Алексеевич хабылык, хаамыска киһи координациятын, мелкай моторикатын сайыннарарын туһунан кэпсээтэ, көрдөрдө. Билиҥҥи хабылык 16 см уһуннаах, 9 мм кэтиттээх. Онтон былыргы дьон оонньуур хабылыга кэтит, оһуордаах буолар эбит. Билигин хаамыска сайдан, оонньуур көрүҥэ элбэх. Холобур, биэстээх, умсаах, тоҥсуур, сэттэлээх диэн.
Анатолий Алексеевич Михайлов: “Киһи учебнигынан эрэ үөрэммэт. Өбүгэлэрбит хаалларбыт төрүт оонньууларыттан элбэххэ үөрэниэххэ сөп”, – диэн эттэ. Мин санаабар, ити сөптөөх этии.
Алена ТАППЫРОВА, VI кылаас, Уолба, Таатта
Дима Саввинов хаартыскаҕа түһэриитэ, VII кылаас, Күндэйэ, Сунтаар