Бастакы чиэппэрбит түмүктэнэн, барыбытыгар өрөбүл саҕаланна. Бастакы чиэппэргэ бэрт элбэх тэрээһин ыытыллыбыта. Биир сонун тэрээһин хаҥкы күрэҕэ этэ. Оҕо-аймах сибиэһэй салгыҥҥа оонньоон-көрүлээн, хаҥкылаан үөрдэ-көттө. Ол курдук, сааскылыы ылааҥы күннэр туран, киһи эрэ барыта сэргэхсийиэх, ол гынан баран, тымныы иһэрин биллэрэн, тыалбыт үрэн сирилэтэрэ.
Ону ол диэбэккэ, “Дьулуур” оҕо түмсүүтүн эр бэртэрэ Алексей Княжев (VIII кылаас), Виктор Старков (Х кылаас) хаҥкынан сүүрүүнү тэрийиэххэ диэн санаанан, физкультура учуутала Роберт Афанасьевиһы кытта сүбэлэһэн, алтынньы 17 күнүгэр күрэх тэрийдилэр. Уолаттар хаҥкыга күрэх ыытар муустарын бэйэлэрэ хаарын күрдьэн, ыраастаан бэлэмнээбиттэрэ.
200 м уһуҥҥа V-XI кылааска диэри күрэхтэстилэр. Кыргыттарга Уйгулаана Степанова (V кылаас) бастаата, кини көрдөрүүтэ 45,96. Милана Атласова (V кылаас ) иккистээтэ (1,07,31). Витя Сивцев (VI кылаас) 49,59 көрдөрүүлээх бастаата. Данил Платонов (IV кылаас) 1,48,94 көрдөрүүлээх II миэстэ буолла.
Улахаттарга Алексей Княжев (VIII кылаас) I миэстэ (көрдөрүүтэ 29,99), Виктор Старков (Х кылаас) II миэстэ (көрдөрүүтэ 30,93). Ярослав Атласов 49,94 көрдөрүүлээх III, Анатолий Атласов 57,34 көрдөрүүлээх IV миэстэ буоллулар. Оҕолор бары астынан, күрэхпит түмүктэммитэ. Ити курдук, биир сүрдээх сэргэх тэрээһин ыытыллан ааста.
Тэрийээччилэргэ барҕа махтал! Өссө да ситиһиилэри, өрө дабайыылары баҕарабыт! Киһи санаатын уурдаҕына, барыта сатанар.
Давид Канаев, Н.О. Кривошапкин аатынан
Өймөкөөн орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ.
keskil14.ru